24 Сэтинньи 24.11
  • -28°
  • $ 82,15
  • € 90,28

«Куттала суох муус» аахсыйа: Саха сиригэр мууска тахсыыга хонтуруол күүһүрүөҕэ

16:08, 24 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

«Куттала суох муус» диэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы сэрэтэр аахсыйа бастакы түһүмэҕэ сэтинньи 23 күнүгэр Саха сиригэр саҕаланна. Сыала-соруга — уу эбийиэктэригэр быһылааннары таһаарбат уонна нэһилиэнньэ куттал суох буолуутун үгэһин тарҕатыы буолар.

«Тэрээһиннэр кэмнэригэр исписэлиистэр нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэллэр, мууска куттал суох буолуутун миэрэлэригэр инструкциялары биэрэллэр, уу эбийиэктэрин кэтээн көрөллөр, муус халыҥын кээмэйдииллэр, көҥүлэ суох мууска тахсыылары булаллар, сокуону кэһээччилэри административнай эппиэтинэскэ тардаллар. Оҕо куттала суох буолуутугар улахан болҕомто ууруллар», — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыра суудуналарга сүрүн судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Аурика Смирнова бэлиэтээтэ.

Муус суоллар официальнай аһыллыыларыгар диэри массыынанан айан уонна нэһилиэнньэ ситэ тоҥо илик мууска тахсара булгуччу бобуллар.

Көҥүлэ суох тахсыы иһин административнай эппиэтинэс Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай буруйдар тустарынан кодексатын 9.10 ыстатыйатынан көрүллэр: гражданнарга 3-тэн 5 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйдэргэ — 20-тан 50 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ — 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри административнай ыстараап түһэриллэр, диэн Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи ГУ-та санатта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА