24 Сэтинньи 24.11
  • -29°
  • $ 82,15
  • € 90,28

Дьокуускайга Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Арассыыйатааҕы турнир ыытыллыаҕа

12:03, 24 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

«Триумф» успуорт комплексыгар сэтинньи 28–29 күннэригэр Арассыыйа успуордун маастара, IV ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Арассыыйатааҕы турнир иккиһин ыытыллыаҕа. Билэр тустууктар улахан бириис пуондалаах көбүөргэ чаҕылхай хапсыһыылары көрдөрүөхтэрэ диэн ЯСИА иһитиннэрэр.

Арассыыйатааҕы турнир Дмитрий Коркин кэриэһигэр ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии кэнниттэн тута ыытыллар. Ол иһин манна элбэх биллэр тустуук кыттар.

Хапсыһыылар сэтинньи 28 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан саҕаланыахтара. Үөрүүлээх аһыллыыта 14 чааска буолуоҕа. Бу күн бары финалга тахсыбыттар ааттара биллиэҕэ. Оттон сэтинньи 29 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан уоскутар хапсыһыылар, мэтээл иһин киирсиилэр саҕаланыахтара.

Кыттааччылар 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга күүстээхтэри быһаарыахтара. Кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыттара 70 тыһыынча солкуобайы, үрүҥ көмүс призердар — 50 тыһыынчаны, боруонса призердар — 30 тыһыынчаны ылыахтара. Кыайыылаахтар тус тириэньэрдэригэр 20 тыһыынча солкуобай көрүллэр.

Төрүт үгэһинэн, күүстээхтэр ортолоругар сэрэбиэйинэн турнир сүрүн бирииһин — биир мөлүйүөн солкуобайы — успуонсардартан уонна Александр Крылов доҕотторуттан ким ыларын быһаарыахтара. Былырыын Дмитрий Зайнидинов, Тумэн Бодиев, Айсен Потапов уонна Виктор Рассадин буолбуттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА