Бу туһунан Ярославль куоракка ыытыллыбыт «Russian Event Awards» норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэ бүтүн дойдутааҕы финалыгар биллэрдилэр.
Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар, Саха сиригэр Култуура сылыгар уонна Иенгра эбэҥки сэлиэнньэтин 100 сылыгар анаммыт Бакалдын 2026 сыл бэс ыйыгар Иенгратааҕы «Амикан» пааркаҕа Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах буолан ааспыта.
Ил Дархан «Бакалдын» — тыһыынчанан сыллары уҥуордаан кэлбит уонна бастакы кэрэ көстүүтүн сүтэрбэтэх эбэҥки норуотун ытык национальнай бырааһынньыга — эбэҥки омук үгэстэрин харыстыырга, норуоттар икки ардыларынааҕы доҕордоһууну бөҕөргөтөргө уонна култуурунай нэһилиэстибэни эдэр көлүөнэҕэ тириэрдэргэ ураты суолталааҕын бэлиэтээбитэ.
Нерюнгри оройуонун баһылыга Максим Терещенко кэпсээбитинэн, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев өйөбүлүнэн оройуон хамаандата СӨ Бырабыыталыстыбатын, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар тыйаатырдарын, Актёр уонна куукула тыйаатырын, урбаанньыттары, волонтердары кытта Бакалдыҥҥа тиһиктээх бэлэмнэниини 2026 сыл муус устарыттан саҕалаабыта.
«Улахан Арассыыйабыт аҕыс эрэгийиэниттэн, Саха сирин уон улууһуттан, Кытайтан уонна Монголияттан кэлбит ыалдьыттар биһиги Бакалдыммыт сылаас, доҕордуу, чаҕылхай эйгэтин өргө диэри умнуохтара суоҕа уонна өссө да төннөн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн Максим Терещенко санаатын үллэһиннэ.
Бүтүн дойдутааҕы бириэмийэҕэ кыайыы — бу биир тэрээһини эрэ сыаналааһын буолбатах, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар ураты култуураларын харыстааһыҥҥа, этническэй туризмы сайыннарыыга уонна элбэх омуктаах дойду сомоҕолоһуутун бөҕөргөтүүгэ ыытыллар тиһиктээх үлэ көдьүүстээҕин билинии буолар, суруйда СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.




