23 Сэтинньи 23.11
  • -32°
  • $ 82,19
  • € 90,34

Дьокуускай куорат олохтоохторугар тымныы уунан хааччыйыы иһин төлөбүрү хат ааҕыахтара

12:46, 23 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Дьокуускай куорат олохтоохторугар сэтинньи 22–23 күннэригэр тымныы уунан хааччыйыы иһин төлөбүрү хат ааҕыахтара. Бу туһунан «Водоканал» ААУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов иһитиннэрдэ.

Хат ааҕыы сэтинньи ыйдааҕы квитанцияларга көстүөҕэ, олору куорат олохтоохторо ахсынньы 5 күнүгэр диэри ылыахтара.

«Өрөмүөн үлэлэринэн сибээстээн уу хаачыстыбата мөлтөөбүтэ бэлиэтэннэ. Лаборатория исписэлиистэрэ уу ситимин бары уу холбонууларыгар уонна түмүк миэстэлэргэ хонтуруолу күүһүртүлэр. Ол эрээри, систиэмэ букатын чөлүгэр түһүөр диэри, уу болоорхой уонна өҥө уларыйбыт буолуоҕа», — диэтэ Кырджагасов.

Санатабыт, Дьокуускайга 50 лет Советской Армии уулусса, 20/1 аадырыска 800 мм диаметрдаах уу турбатыгар саахал таҕыста. Иккис уу турбатыгар баттааһын үрдээһининэн сибээстээн, хас да оройуоҥҥа уу хаачыстыбата мөлтөөтө. Турба күөл таһымыттан аллара сытар буолан, өрөмүөнү уустугурдубута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова