23 Сэтинньи 23.11
  • -32°
  • $ 82,19
  • € 90,34

Элгээйи куустатын “ЭлгКиинБэст” киинэ бэстибээлэ түмүктэннэ

10:09, 23 ноября
Читайте нас на

Элгээйи нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сылынан
уонна Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ,
Саха АССР бастыҥ киномеханига,
кинематография ветеран үлэһитэ Кириллина Липа Никандровна төрөөбүтэ 95 сааһынан
Элгээйи нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, «Оһуор» Култуура Киинэ, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ, “ЛИПА SINEMA” кинотеатр, Липа Никандровна аймахтарын көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт
Элгээйи куустатын “ЭлгКиинБэст”
киинэ бэстибээлэ түмүктэннэ.

Куонкуруска уопсайа 30 тэттик киинэ киирбит. Бэстибээл түмүгүнэн анал ааттар туттарылыннылар:

Гран При — “Сыл бастыҥ киинэтэ”
«Бастыҥ киинэни таҥааһын»
«Бастыҥ аныгы ньыманы туһанааччы»

«Бастыҥ оҕо оруолун толорооччу»
«Бастыҥ сценарий»
«Бастыҥ режиссер»
«Бастыҥ оператор»
«Жанрдарынан бастыҥ киинэлэр».

Бу номинацияларга Липа Никандровна оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут бириистэрэ туттарылыннылар.

«Биһиги театральнай устуудьуйабыт «Төлөн» киинэтэ (режиссер Фефелова Н.А.) «Бастыҥ монтаж» номинацияҕа Гран-При ылла, ону тэҥэ «Бастыҥ киинэ», «Бастыҥ оператор» дипломунан наҕараадаланнылар. Киинэҕэ уһуллубут артыыс оҕолорбутун, Наталья Анатольевнаны ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит», — диэн суруллар Күүкэй нэһилиэгин иһитиннэриитигэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА