23 Сэтинньи 23.11
  • -32°
  • $ 82,19
  • € 90,34

Үөһээ Бүлүүгэ Александр Кузнецов кэриэһигэр анаммыт турнирга бастыҥ мас тардыһааччылары быһаардылар

15:01, 23 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр успуорт маастара уонна Саха сирин хаста да төгүллээх чөмпүйүөнэ Александр Кузнецов кэриэһигэр А категориялаах өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытылынна. Күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 50-ча мадьыны таҕыста, диэн ЯСИА иһитиннэрэр.

Уһун ыраах сири аахсыбакка, турнирга Саха сирин биир бастыҥ мас-рестлердэрэ кытыннылар. Кинилэр истэригэр өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердара, ону тэҥэ аан дойду чөмпүйүөнэ Анатолий Гладков бааллар, кини бэтэрээннэргэ 75 кг диэри ыйааһыҥҥа кыайыылаах буолла.

Эр дьоҥҥо 75 кг диэри ыйааһыҥҥа саамай күүстээх күрэхтэһии буолла. Манна кыайыыны Егор Сивцев ситистэ, кини финалга Екатеринбургтан төрүттээх ХИФУ устудьуона Максим Алексановы кыайда.

Мантан Егор Сивцев тохтообото. Кини муҥутуур чөмпүйүөн аатын былдьаһыыга (75 кг диэри) суруттарда уонна онно эмиэ күүстээҕинэн буолла. Тэрийээччилэр киниэхэ күрэхтэһии сүрүн бирииһин туттардылар.

Кыайыылаахтар уонна призердар:

Эр дьон:

— 65 кг: 1. Игнат Федоров (Сунтаар улууһа), 2. Саян Макаров (ХИФУ), 3. Салават Байназаров (Дьокуускай);
— 70 кг: 1. Павел Павлов (Сунтаар), 2. Гаврил Назаров (Амма), 3. Эрсан Егоров (ЯИПК);
— 75 кг: 1. Егор Сивцев (ХИФУ), 2. Максим Алексанов (ХИФУ), 3. Николай Солдатов (Чурапчы);
— 80 кг: 1. Артур Сердюк (Дьокуускай), 2. Рустам Карпов (ХИФУ), 3. Илья Владимиров (Дьокуускай);
— 90 кг: 1. Меретя Яптик (ХИФУ), 2. Дьулустан Деллохов (Үөһээ Бүлүү), 3. Валентин Иванов (Сунтаар);
— 105 кг: 1. Артем Одилбеков (ХИФУ);
— 105+ кг: 1. Эдуард Обутов (Нам), 2. Иннокентий Гаврильев (Үөһээ Бүлүү).

Эр дьон-бэтэрээннэр:

— 65 кг: 1. Никита Ширяев (Нам), 2. Рустам Тимофеев (Үөһээ Бүлүү);
— 75 кг: 1. Анатолий Гладков (Нам), 2. Дмитрий Никифоров (Кэбээйи), 3. Сергей Кузьмин (Мэҥэ Хаҥалас);
— 85 кг: 1. Гаврил Ботуев (Үөһээ Бүлүү), 2. Алексей Оконосов (Үөһээ Бүлүү), 3. Семен Харбаев (Үөһээ Бүлүү);
— 95 кг: 1. Валерий Саввинов (Үөһээ Бүлүү), 2. Власий Семенов (Бүлүү).

Санатабыт, бу нэдиэлэҕэ, сэтинньи 28–29 күннэригэр, Казань куоракка эр дьоҥҥо уонна дьахталларга мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. Оттон ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга бастакытын Федерация Кубога алта континентальнай хамаандаттан күүстээх спортсменнары түмүөҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА