23 Сэтинньи 23.11
  • -32°
  • $ 82,19
  • € 90,34

АБДь кыттыылаахтара Саха сиригэр 5000-тан тахса киһи мэдиссиинэ көмөтүн ылла

16:03, 23 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр анал байыаннай дьайыы 5077 кыттыылааҕар мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна, ол иһигэр стационарга эмтэнии — 1348 киһи. Анал дьайыы 1752 бэтэрээнэ диспансеризацияны ааста. Бу туһунан сэтинньи 23 күнүгэр брифиҥҥэ Саха сирин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийии департаменын салайааччыта Дьулустан Чичахов иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ реабилитациятын киинигэр 482 бэтэрээн мэдиссиинэ реабилитациятын ааста. Медицина-психологическай, психотерапевтическай уонна психиатрическай мэдиссиинэ көмөтө анал байыаннай дьайыы 994 кыттыылааҕар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 1508 чилиэнигэр оҥоһулунна», — диэтэ Дьулустан Чичахов.

Кини этэринэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин, ону тэҥэ бэтэрээннэри психологическай өйөбүлүнэн хааччыйыы үлэтэ салҕанар — «КСВО. Психологтыын кэпсэтии» диэн федеральнай биир кэлим чат нөҥүө дойду араас муннугуттан 2,5 тыһыынчаттан тахса консультация оҥоһулунна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА