Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар «Саха сирин бриллианнара» диэн аан дойдутааҕы күрэхтэһии чэрчитинэн «Саха сириттэн кыһын саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн муустан скульптураларга блиц-турнир саҕаланна. Кыайыылаах аатын ылар иһин Арассыыйа араас улуустарыттан уонна эрэгийиэннэриттэн, ону тэҥэ Индияттан, Кытайтан, Монголияттан уонна Беларусьтан 20-тэн тахса хамаанда күрэхтэһэр диэн киин куорат дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Муустан искусство күрэхтэһиитэ 1990-с сыллартан ыытыллар уонна сыл аайы талааннаах скульптордары түмэр. Тэрийээччилэр — Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата уонна «Хотугу сулус» муус паарката. Быйыл блиц-турнир тиэмэтэ Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 395 сылыгар ананар. Муустан скульптуралар хамаандалар икки күн устата — сэтинньи 22–23 күннэригэр оҥоруохтара.
Күрэхтэһии аһыллыытыгар кыттааччылары куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Андрей Лебедев уонна муус пааркатын дириэктэрэ Алексей Демьянов эҕэрдэлээтилэр.
Лебедев бэлиэтээбитинэн, маастардар үлэлэрэ куораты киэргэтиэхтэрэ уонна саха норуотун материальнайа суох нэһилиэстибэтин көрдөрүөхтэрэ.
«Экстремальнай намыһах температураҕа скульптура оҥоруу уус-уран талааны уонна маастарыстыбаны эрэ эрэйэр буолбатах, ону тэҥэ тулууру, дьулууру уонна күүстээх майгыны-сигилини эрэйэр», — диэтэ кини, күрэхтэһии спонсордарыгар махтанан туран.



