Саха сирин бырабыыталыстыбата 2027 сылга Арктика уонна ыраах сытар улуустар олохтоохторугар социальнай суолталаах авиационнай көтүүлэри субсидиялыырга 417,05 мөлүйүөн солкуобайы ыытарга этии киллэрэр — бу улуустар икки ардыларыгар уонна биир улуус иһигэр сылдьар маршруттарга. Бу туһунан sakha.gov.ru иһитиннэрэр.
Сыл устата үп кээмэйэ бүддьүөтү көннөрүү кэмигэр улаатыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ үбүн миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев эппитинэн, улуустар икки ардыларыгар маршруттарга 207,3 мөлүйүөн солкуобай, биир улуус иһигэр — 209,7 мөлүйүөн көрүллүбүт.
«Оруобуна сыл анараа өттүгэр 2026 сыллааҕы бюджет маннык иэннээх ылыныллыбыта, оттон сыл устата бырабыыталыстыба бу сууманы 100 мөл солк улаатыннарбыта. Маннык дьаһалы хаалларарга», — диэтэ Алексеев, субсидиялааһын ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тырааныспар тиийимтиэ буолуутун сүрүн инструменынан буоларын бэлиэтээн туран.
Санатабыт, 2027 сыллааҕы бүддьүөт барылын уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэрдииһи Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар сэтинньи 25 күнүгэр көрүөхтэрэ.



