П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыгар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома буолла. ЯСИА иһитиннэрэринэн, 15 сыл устата бэстибээл куораттааҕы тэрээһинтэн биллэр Арассыыйа брендигэр кубулуйда, эрэллээхтик аан дойду таһымыгар таҕыста.
«Мин санаабар, кэлин икки сылга биһиги туристарга «кыһыны атыылаатыбыт». Урукку статистиканан, гостиницалар сайыҥҥы кэмҥэ эрэ туолаллара, бары тымныыттан куттаналлара. Былырыыҥҥыттан бэстибээлгэ уонна тымныыга анаан кэлэр буоллулар. Ким эрэ бананынан тоһоҕону саайар, ким эрэ ойбоҥҥо умсар, дьон сөбүлүүр. Билигин 10 ый устата 300 тыһыынчаттан тахса туриһы аҕаллыбыт, олор олохтоох бүддьүөккэ 5 миллиардтан тахсаны киллэрэллэр. Кыһын суотугар туризм уопсай көрдөрүүтэ 40% улаатта», — диэтэ Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семёнов.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээбитинэн, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл аан дойдутааҕы да, Арассыыйа да таһымнаах тэрээһин буолла: «Биһигини билэллэр. Холобур, дойдуга бастакы харыйа уотун уматыы. Бу чахчы кыһыҥҥы туризмы тардар, экэниэмикэҕэ үчүгэй».
Өрөспүүбүлүкэ урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Георгий Андреев эппитинэн, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл — Саҥа дьыл алыптаах кэмин сорҕото, бу дьоҥҥо үчүгэй санааны уонна саамай үчүгэйгэ эрэли биэрэр.
«Бэстибээл аан бастаан 15 сыллааҕыта саҕаламмыта уонна билигин федеральнай таһымҥа билиниллибит, элбэх наҕараадалаах. Хас сырыы аайы улаатар уонна тупсар. Бу туристар магниттара, билигин элбэх туристическай ааҕыныстыба тэрээһин былаанын көрдүүр уонна араас чуолкайдааһыннары ыйытар», — диэтэ миниистир.
Георгий Андреев бэлиэтээбитинэн, бырааһынньык куораттааҕы эрэ тэрээһин буолбатах.
«Билигин бэстибээл Саха сирин бары улууһун хабар, манна олус киэҥ бырагыраама былааннаммыт. Холобур, былырыын ахсынньы 1 күнүгэр 200 Саҥа дьыллааҕы харыйаны тэҥинэн умапыппыт. Арассыыйа атын эрэгийиэннэрэ кыттыһаллар, холобур, Москваттан автохолуонна кэлэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитинэн айанныаҕа. Элбэх блогер кэлэн тапталлаах дойдубутун көрдөрөр. Арассыыйа тас дьыалаларын министиэристибэтин таһымыгар бигэргэммит, Арассыыйа култууратын туһунан кэпсиэн баҕарар икки омук контент-командатын күүтэбит. Ол аата омуктарга МИД Саха сиригэр кэлэн дойду туһунан элбэҕи билэллэригэр официальнайдык сүбэлиир», — диэн кини иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куорат уокурук дьаһалтатын култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын начаалынньыга Сардана Брызгалова эппитинэн, бэстибээл тэрээһиннэрэ сэтинньи 21 күнүттэн саҕаламмыттара, барыта 30-тан тахса тэрээһин араас хайысханан ыытыллыаҕа.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл хас да хайысхалаах — «Саха амтана» гастрономическай бэстибээл, «Саха алмаастара» аан дойдутааҕы муустан уонна хаартан скульптуралар куонкурустара уонна дьон сөбүлээбит «Строганина» бырааһынньыга. География сыллата кэҥиир, быйыл «Саха алмаастара» куонкуруска Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн, Индияттан, Монголияттан, Беларусь Өрөспүүбүлүкэтиттэн уонна Кытайтан икки хамаанда кыттар», — диэн кини кэпсээтэ.
Бэстибээл сүрүн тэрээһининэн дойдуга бастакы Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун уматыы буолуоҕа. Бу сиэргэ-туомҥа Дьокуускайга Улуу Устюгтан Тымныы Оҕонньор кэлиэҕэ.
Санатан эттэххэ, сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 6 күнүгэр диэри Дьокуускайга уонна Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл ыытыллыаҕа. Афишаҕа — 30-тан тахса тэрээһин: хаарынан оҥоһуктар куонкурустарыттан уонна муус куоратыттан «Алмаас нэдиэлэтигэр», Олоҥхо күнүгэр, гастрономическай бэстибээлгэ уонна строганина бырааһынньыгар диэри.
Маны таһынан сыл сүрүн гастрономическай тэрээһинэ — «Саха амтана» бэстибээл саҕаланар. Биир нэдиэлэ устата куорат бастыҥ эрэстэрээннэрэ ааннарын арыйан, ураты астарынан, ааптарскай сеттарынан уонна сезонунан саҥа бүлүүдэлэринэн күндүлүөхтэрэ. Бырагыраамаҕа — бэстибээл анал менюлара, тиэмэлээх гастро-киэһээҥи ас, амсайыылар уонна улахан тэрээһиннэр.



