Орто Халыма улууһугар бөһүөлэктэргэ учаастактар икки ардыларынааҕы суоллар арыллан, от тиэйиитэ саҕаланна.
Эбээххэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тутаах үлэһиттэрэ Алексей Слепцов, Илья Стручков тиэйии-таһыы өҥөлөрүн толороллор.
«Бу күн, Эбээх бөһүөлэгэр 52 ынах сүөһү кыстыкка үктэннэ, ол иһигэр ыанар ынаҕа 23. Ынаҕынан 13, сылгы иитиитинэн 57 ыал дьарыктанар. Ынах сүөһү ахсаанын көҕүрээһинин биричиинэтэ — дьон сааһырыыта. Кэлэр нэдиэлэттэн убаһа араарыыта саҕаланыаҕа. Дьон убаһаны хаалларынарын суотугар сылгы ахсаана оннунан хаалыан сөп», — диэн тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Слепцов тэттик сонуннарбытыгар сонунун үллэһиннэ, суруйда @khalymadolgunnara



