Салгыы улуус олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрө атын хаалбыт уолаттарга тиэрдиллиэҕэ. Бэлиэтээн эттэххэ, улуус тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара уонна олохтоохторо хомуйбут үптэригэр Москва куораттан наадалаах тиэхиньикэ уонна таҥас-сап атыылаһыллыбыт.
Илин кирбиигэ көрсүһүүлэр олус истиҥ, дьиэ кэргэннии иһирэх быһыыга-майгыга ааһаллар. Буойуттар төрөөбүт дойдуларыттан кэлбит сонуннар, оҕолор суруктара уонна кэһиилэр кинилэргэ ураты күүһү биэрэллэрин уонна санааларын көтөҕөллөрүн бэлиэтииллэр, суруйда «Саха» НКИХ.



