24 Сэтинньи 24.11
  • -28°
  • $ 82,15
  • € 90,28

Саха сиригэр биэс кыһыҥҥы суол үлэлиир

14:11, 24 ноября
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Үөһээ Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүһү туоруур «Үөһээ Бүлүү с. – Хоро с.» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суолу үлэлэтэргэ көҥүллээтилэр. Муус халыҥа бу суолунан 3 туоннаттан ордуга суох ыйааһыннаах массыыналар сылдьалларыгар кыах биэрэр диэн ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.

Саха сиригэр уопсайа биэс муус суол официальнайдык аһыллан турар:

1. Эдьигээн оройуона, «Эдьигээн б. – Аэропуорт» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суол, Стрекаловка өрүс, 3 туоннаҕа диэри;
2. Өлөөн оройуона, «Өлөөн с. – Харыйалаах с.» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суол, Өлөөн өрүс, 10 туоннаҕа диэри;
3. Муома оройуона, «Хонуу с. – Соболоох с.» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суол, Муома өрүс, 3 туоннаҕа диэри;
4. Сунтаар оройуона, «Сунтаар с. – Устье с.» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суол, Бүлүү өрүс, 4 туоннаҕа диэри;
5. Үөһээ Бүлүү оройуона, «Үөһээ Бүлүү с. – Хоро с.» муниципальнай суолталаах кыһыҥҥы суол, Бүлүү өрүс, 3 туоннаҕа диэри.

«ГИМС иниспиэктэрдэрэ хамыыһыйалар састааптарыгар киирэн, көҥүлэ суох мууска киириини таһаарбат туһуттан сэрэтэр рейдэлэри мэлдьи ыыталлар. Анал оҥоһуллубут мууһунан туоруур суолларынан эрэ туһанар уонна бары иһитиннэрэр бэлиэлэр ирдэбиллэрин толорор наадалааҕын санатабыт», — диэн СӨ дьоҕус суудуналарыгар сүрүн судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Аурика Смирнова бэлиэтээтэ.

Арассыыйа ЫБММ санатар: быраабыланы тутуһуу — эһиги куттала суох буолуугут мэктиэтэ! Көҥүлэ суох мууска киирии иһин СӨ Административнай буруйу оҥоруу туһунан кодексын (КоАП) 9.10-с ыстатыйатынан административнай эппиэтинэс көрүллэр уонна ыстараап ананар:

гражданнарга — 3 тыһыынчаттан 5 тыһыынча солкуобайга диэри;

дуоһунастаах сирэйдэргэ — 20 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри;

юридическай сирэйдэргэ — 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА