Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 18 күнүгэр диэри Саха сиригэр «Желанный берег» XVI аан дойдутааҕы бэстибээл-пуорум буолар. Бырагыраамаҕа — Россия регионнарыттан уонна тас дойдулартан театрдар 25 испэктээктэрэ, маастар-кылаастар уонна айар көрсүһүүлэр бааллар. Үөрүүлээх аһыллыы сэтинньи 27 күнүгэр Саха сиригэр П.А. Ойуунскай аатынан академическай тыйаатырга былааннанар.
Бырагыраама туһунан сэтинньи 24 күнүгэр «ТАСС Дальний Восток» региональнай информационнай киин пресс-конференциятын чэрчитинэн кэпсээтилэр. Быйыл бэстибээл сэттэ сыллаах тохтобул кэнниттэн төннөр. Тэрээһин Саха тыйаатырын 120 сылыгар уонна Арассыыйа норуодунай артыыһа, РФ Үлэтин Дьоруойа Андрей Борисов 75 сылыгар ананар.
Саха сирин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев этэринэн, туруоруулары Саха сирин, Башкортостан, Алтай, Тыва, Калмыкия, Москуба уонна Бишкек тыйаатырдара көрдөрүөхтэрэ. Бэстибээл бастакы испэктээгинэн Мажит Гафури аатынан Башкирия судаарыстыбаннай академическай театрын «Урал Батыр» буолуоҕа. Дьокуускайга аһыллыытыгар көрөөччүлэр Олоҥхо Тыйаатырын «Улуу Кудаҥса» туруоруутун көрүөхтэрэ.
«2027 сыллаахха Биһиги Арктическай эпос уонна искусство киинин арыйыыны күүтэбит. Биллэн турар, киин базатыгар эпическэй айымньыларга олоҕуран Россия уонна аан дойду театрдарын кытта холбоһуктаах улахан бырайыактары оҥоруохпут. Кытайтан театрдары эмиэ ыҥырыахпытын сөп. Итинэн бу бииргэ үлэлээһин биһиги судаарыстыбаннай сыһыаннаһыыларбытын бөҕөргөтүөҕэ», – диэтэ пресс-конференцияҕа Афанасий Ноев.
Быйылбэстибээл үгэс буолбут куонкурус номинацията суох ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр идэлээхтэр алтыһыыларыгар уонна көлүөнэлэр утумнааһыннарыгар болҕомтолорун уурар санаалаахтар.
«Афишаны, бырагырааманы толкуйдаатыбыт. Уус-уран салайааччы, бэстибээл президенэ Андрей Саввич Борисов кэнсиэпсийэни бигэргэттэ уонна быйыл бэстибээл ураты буолуо диэтэ. Урут бастыҥ испэктээги, бастыҥ артыыһы, бастыҥ артыысканы, бастыҥ худуоһунньугу быһаарыыга болҕомто ууруллара. Билиҥҥи кэнсиэпсийэ — учуутал уонна үөрэнээччилэр, маастардыын кэпсэтии. Сүрүннээн мэтр бэйэтэ уонна кини үөрэнээччилэрин испэктээктэрэ көрдөрүллүөхтэрэ. Биһиэхэ 11 идэтийбит театр баар, олорго барытыгар сүрүн режиссердарынан Андрей Борисов үөрэнээччилэрэ буолаллар», – диэн Россия театральнай уопсастыбатын регионнааҕы отделениетын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Нюргуяна Илларионова бэлиэтээтэ.
Көрдөрүүлэр Дьокуускайга, Нерюнгрига, Уфаҕа, Элистэҕэ, Москубаҕа уонна Бишкеккэ ыытыллыахтара. Чуолаан, Саха академическай театра Кыргыстааҥҥа «Түүл уҥуор» уонна «Баҕалаах күөх кытылым…» испэктээктэри көрдөрүөҕэ.
Көрдөрүүлэри таһынан тэрийээччилэр режиссердар, артыыстар уонна театр кириитиктэрин кыттыылаах үөрэх бырагырааматын бэлэмнээтилэр. Маастар-кылаастар, устудьуоннары кытта көрсүһүүлэр уонна театральнай худуоһунньук Геннадий Сотников туһунан кинигэ презентацията былааннаннылар.
Бэстибээл ахсынньы 18 күнүгэр Саха тыйаатырыгар церемониянан түмүктэниэҕэ.



