24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 82,15
  • € 90,28

Саха сирэ биэс көһө сылдьар педиатрическай комплексы ылыаҕа

18:09, 24 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сирин улуустарыгар быйыл биэс аныгы көһө сылдьар медицина комплексын ыытыахтара. Кинилэр оҕолорго профилактическай медицина көрүүлэрин ыытыыга хабар дьон ахсаанын биллэ улаатыннарыахтара уонна кутталлаах бөлөххө киирэр эдэр пациеннэр доруобуйаларын туругун көдьүүстээхтик диспансернай кэтээн көрүүнү тэрийиэхтэрэ.

Саҥа комплекстары Бүлүүтээҕи, Ньурбатааҕы, Нерюнгритааҕы, Намнааҕы уонна Ленскэйдээҕи оройуоттар балыыһаларыгар биэриэхтэрэ.

«Көһө сылдьар медицинскэй комплекстар — бу биһиги педиатрдарбытыгар саамай ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиһигин быспакка тиийэллэригэр кыаҕы биэрэр дьиҥнээх көлөҕө баар балыыһалар», — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрдэ.

Хас биирдии комплекс оҕолору миэстэтигэр тахсан толору чинчийиини ыытарга наадалаах диагностическай оборудованиенан хааччыллыбыт мобильнай кэбиниэт буолар.

«Биһиэхэ мобильнай комплекс дьиҥнээхтик наадалаах. Оҕолорун куоракка көрдөрө барыыны төрөппүт эрэ барыта уйунар кыаҕа суох, оттон доруобуйа мэлдьи хонтуруолу ирдиир. Быраас бэйэтэ кэллэҕинэ, бу улахан кутталы уоскутар уонна оҕо көрүүгэ баарын итэҕэтэр», — диэн элбэх оҕолоох ийэ Сардана Егорова санаатын үллэһиннэ.

Мобильнай комплекстары биэриини таһынан, 2026 сылга оҕо доруобуйатын харыстабылын сайыннарар бырагыраама М. Е. Николаев аатынан Национальнай мэдиссиинэ киинэ — 1 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа Педиатрическай киинин киэҥник саҥардыыны киллэрэр. Тэрилтэ 148 саҥа тэрили ылла.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ муниципальнай улуустарыгар биэс оҕо поликлиникатын отделениеларын мобильнай медицинскэй комплекстарынан хааччыйыы былааннанар.

Санатар буоллахха, 2021 сылтан Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн Доруобуйа уон сыла олоххо киллэриллэр. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин саҥардыы «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтин сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан» стратегическай ыйааҕынан ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА