Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр бу өрөбүллэргэ, сэтинньи 28–29 күннэригэр, тыа сирин спортсменнарын ортолоругар Сэбиэскэй Сойуус үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Владимир Андросов кэриэһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытыллыаҕа диэн ЯСИА иһитиннэрэр.
200-чэ тустуук кыттара күүтүллэр. Тустуу көбүөрүгэр уолаттар, эр дьон уонна бэтэрээннэр (1986 сылтан төрүттээхтэр) күөн көрсүөхтэрэ. Кыттааччылартан эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылааҕы быһаарсыы ыытыллыаҕа. Сүрүн бириис — убаһа.
Күрэхтэһии «А» категориялаах, онон кыайыылаахтар уонна призердар Саха сирин успуорт маастарын аатын ылар ирдэбиллэри толоруохтарын сөп.
2009–2011 сылларга төрөөбүт уолаттар 50, 55, 62, 70, 80, 80-тан үөһээ кг диэри ыйааһыннарга бастыҥнары быһаарсыахтара. Эр дьон 57, 65, 75, 85, 95 уонна 95-тэн үөһээ кг диэри ыйааһыннарга киирсиэхтэрэ. Тустууктарга 60, 70, 80, 90 уонна 90-тан үөһээ кг диэри категориялар көрүллэллэр. Кыайыылаахтар уонна призердар сыаналаах бириистэри тутуохтара.
Тэрийээччилэринэн — Успуорт национальнай көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ, Саха сирин уонна Таатта улууһун хапсаҕайга федерациялара, улуус уонна Октябрьскай нэһилиэк дьаһалталара буолаллар.
Санатар буоллахха, соторутааҕыта Дьокуускайга Ноговицыннар бириистэригэр хапсаҕай турнира түмүктэммитэ. Муҥутуур кыайыылаахтарынан Иван Потапов уонна Эдуард Максимов буолбуттара.



