25 Сэтинньи 25.11
  • -31°
  • $ 82,17
  • € 89,88

Саха спортсменнара аан дойдутааҕы панкратиоҥҥа чөмпүйүөннээтилэр

17:16, 25 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сирин спортсменнара Иван Дьячковскай уонна Валентин Березкин Грецияҕа WPAF версиятынан панкратиоҥҥа аан дойду чөмпүйүөннэрэ буоллулар. Иккиэн холбоон биэс кыһыл көмүс мэтээли ыллылар, диэн ЯСИА иһитиннэрэр.

Панкратиоҥҥа аан дойду чөмпүйэнээтэ сэтинньи 13–15 күннэригэр Греция Патры куоратыгар буолан ааста. Сахалар күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытыннылар.

Ол курдук, Валентин Березкин «като панкратион» уонна «микс лакс» көрүҥнэргэ бастакы миэстэлэри ылла. Оттон Иван Дьячковскай эмиэ ити көрүҥнэргэ уонна «плерис агон» диэҥҥэ кыһыл көмүс мэтээллэри ылла.

Спортсменнар ситиһиилээхтик кыттыбыттарын Дьокуускайга «Патриот» ыччат киинигэр эҕэрдэлээтилэр. «Уолаттар чөмпүйүөннээн кэллилэр. Икки бүк үчүгэй — кинилэр ДОСААФ чилиэннэрэ. Тэрилтэбитигэр киэн туттар суолталаах», — диэтэ «Патриот» киин дириэктэрэ Сулустан Заболоцкай.

Валентин Березкин кыайыыны көҥүл тустуу төрүтэ ситиһиннэрбитин бэлиэтээтэ. Кини бу көрүҥүнэн оҕо эрдэҕиттэн Орто Халыма улууһугар дьарыктаммыт. Күүс структураларыгар үлэлии сылдьан охсуһуунан дьарыктанар баҕата баарын иһин, панкратиоҥҥа ылсыбыт. Грецияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кини икки көрүҥҥэ олохтоох спортсменнары кыайбыт.

«Мин эмиэ оҕо эрдэхпиттэн Чурапчы улууһугар көҥүл тустуунан дьарыктаммытым, онтон ММА уонна панкратиоҥҥа көспүтүм. Аармыйаттан кэлэн баран күүскэ эрчиллэн саҕалаабытым. Биһиги үлэбитигэр саамай ыарахана — ыйааһыны түһэрии. Бэйэни бэрээдэктиэххэ, диетаны тутуһуохха наада, ону кытта үксүн күннээҕи аһылыктан аккаастаныахха наада», — диэн кэпсээтэ Иван Дьячковскай.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова