Ил Түмэн дьокутаата, ассоциация бэрэссэдээтэлэ, бырайыак ааптара Татьяна Тымырова бэлиэтээбитинэн, 13-с сылын ыытыллар быйылгы бэстибээли тэрийээччилэр сүбэлэһэн баран, кыттааччылар эйгэлэрин кэҥэттилэр уонна сонун сүүрээннэри киллэрдилэр. Ол курдук, быйыл эрэстэрээннэри кытта тэҥҥэ аны кафелар, суол кытыытынааҕы аһыыр сирдэр, остолобуойдар уонна бэлэм аһы тиэрдии сулууспалара биир ирдэбилинэн күрэстэһиэхтэрэ.
“Бу кыттааччылары тэҥ усулуобуйаҕа сыаналааһын уонна ас араас амтаннаах көрүҥүн айан таһаарыыга бастыҥнары талан ылыыга кыах бэриллэр», — диэн санаатын үллэһиннэ Татьяна Тымырова.
Кырдьык, 13 сыллааҕыта эрэстэрээннэр пуобардара бу быйыл кыттар кафелар уонна остолобуойдар асчыттарын курдук төһөлөөх долгуйбуттара буолуой? Билигин кинилэртэн үгүстэрэ ааттаах-суоллаах шеф-бренд пуобардарынан биллэллэр.

Онон уонча сылынан бүгүн бастакынан “Саха сирин амтана” бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин көрсүбүт “Сылаас Ас” дьоҕус кафе асчыттара ааттаах-суоллаах шеф-пуобардарга тиийэ үүнүөхтэрэ турдаҕа. Туох барыта кыраттан, бастакы саҕалааһынтан саҕаланар.

Таатта Ытык Күөлүттэн төрүттээх Айсаана Васильева салайар дьоҕус “Сылаас Ас” кафета бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин саха төрүт аһын бүлүүдэтинэн күндүлээтэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу минньигэс ас барыта – кафе күннээҕи менюта эбит.

Ол да иһин буолуо, хоп-хойуу ис миинин амсайаары манна күннэтэ дьоҕус кафеҕа баппат киһи мустар эбит.

Дьон бу ис миинин амсайан баран, маннык суруйан хааллараллар эбит:

Оттон иккис суругу — «Сылаас Ас» кафе 2024 сыллаахха арыллыаҕыттан орох тэппит сиринэн буолбут киһи суруйбут.

Киһини соһутар сонун бүлүүдэ – эриэппэ луукка ыһаарыламмыт, дөлүһүөннээх моонньоҕон барыанньата тумалаах ынах кутуруга!

Дьэ, минньигэс да ас буолар эбит. “Бүлүүдэлэрбит барыта оҕо сылдьан аһаан улааппыт эбээбит минньигэс астара. Ынах кутуругун оҕо сааспытыттан буһаран сиибит. Икки аҥар чаас буһарабыт», — диэн кэпсиир Айсаана Анатольевна. Салайааччы “кэлиҥҥи кэмҥэ устудьуоннар кэлэн аһыыр буоллулар. «Саламаат баар дуо?” диэбитинэн киирэллэр. Онон биһиги ыччаттарбытыгар саха аһын тарҕатан эрэрбититтэн олуһун үөрэбит” диэн киэн тутта кэпсиир.

Онон “Сылаас Ас” бүгүҥҥү сүрэхтэниитэ олус ситиһиилээхтик ааһан, дьүүлүүр сүбэ болҕомтотугар киирдэ диэххэ сөп.

Дьоҕус кафе ис көстүүтэ сахалыы, таатталыы тыыннаах буолан, киһи кута-сүрэ тохтуур. Икки сыл иһигэр бэйэтин килийиэнин булбут дьоҕус тэрилтэ салалтата сыыйа кыаҕыран, дьиэтин-уотун кэҥэттэр соруктаах, суруйда Елена Потоцкая, Саха сирэ саайт.



