25 Сэтинньи 25.11
  • -29°
  • $ 82,17
  • € 89,88

Ахсынньы 2 күнүттэн пеня ааҕылларын умнумаҥ

13:01, 25 ноября
Хаартыска: Саха парламент саайт
Читайте нас на

“Биирдиилээн дьонтон ылыллар баай-дуол нолуога” диэн өйдөбүлгэ нолуок 3 көрүҥэ киирэр:

  • хамсаабат баай-дуол (имущество) иһин нолуок,
  • сир нолуога,
  • тырааныспар нолуога.

Бэйэлэрэ бас билэр кыбартыыралаах, чааһынай дьиэлээх, хостоох, гаражтаах, онтон да атын тутуулардаах дьон ити иһин нолуок төлүүр эбээһинэстээхтэр. Оттон бэйэлэрин ааттарыгар массыыналаах, тыраахтардаах, матасыыкыллаах – о.э. суол, уу уонна да атын көлөлөөх дьон, тырааныспар нолуогун булгуччу төлүөхтээхтэр. Оттон сир нолуогун бэйэ бас билиитигэр  сирдээх дьон бука бары төлүүллэр.

Нолуок бу 3 көрүҥүн 2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлүүр болдьох быһыллан турар. Ахсынньы 1 күнүгэр диэри  нолуок төлөммөтөҕүнэ, ахсынньы 2 күнүттэн пеня ааҕыллан барарын умнумаҥ!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова