25 Сэтинньи 25.11
  • -31°
  • $ 82,17
  • € 89,88

Үөрэх министиэристибэтэ биир кэлим эксээмэн алын баалларын олохтоото

16:06, 25 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

РФ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ 2027/28 үөрэх дьылыгар бэйэтин бас билиитигэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэргэ биир кэлим эксээмэн (БКЭ) алын баалларын олохтоото.

РФ Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ 2027/28 үөрэх дьылыгар бэйэтин бас билиитигэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ киирэргэ БКЭ алын баалларын бигэргэттэ. Туһааннаах бирикээс барылын федеральнай нуорма-быраап аакталарын бырайыактарын федеральнай порталыгар таһаардылар.

«Үөрэх уонна билим министиэристибэтин бас билиитигэр баар үөрэх тэрилтэлэригэр 2027/28 үөрэх дьылыгар үөрэнэ киирэргэ эксээмэни туттарар идэҕэ эбэтэр бэлэмнэнии хайысхатыгар сөп түбэһэр уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэригэр биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн (БКЭ) алын баалларын бу бирикээс сыһыарыытыгар олоҕуран олохтуурга», — диэн барылга этиллэр.

Докумуон быһыытынан, информатикаҕа — 45 баалтан итэҕэһэ суох; нуучча тылыгар уонна обществознаниеҕа — 42 баал; математикаҕа, физикаҕа, литератураҕа уонна географияҕа — 40 баал; биологияҕа уонна химияҕа — 39 баал; историяҕа — 38 баал; омук тылыгар — 35 баал.

2026/2027 үөрэх дьылыгар туттарсыы хампаанньатыгар эмиэ итинник БКЭ алын бааллара дьайбыттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова