25 Сэтинньи 25.11
  • -29°
  • $ 82,17
  • € 89,88

Саха сиригэр 2027-2029 сыллардааҕы бюджеты ылыннылар

13:21, 25 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Сэтинньи 25 күнүгэр Ил Түмэн сүүрбэ бастакы (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар 2027 сылга уонна 2028-2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ Саха сирин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан сокуон бырайыага иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыга ылынылынна. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бюджекка хомунаалынай комплекс субсидията толору кээмэйинэн уурулунна, диэн иһитиннэрдэ ЯСИА.

Ил Түмэн көрдөрөрүнэн, 2027 сылга дохуот 372,440 млрд солк.тэҥнэһиэҕэ. Ороскуота — 375,156 млрд солк. Онуоха дефицит — 2,716 млрд солк. Төннөрүүтэ суох киирии кээмэйэ 132,356 млрд солк. көрүллэр.

«Ил Түмэн 2027 сылга уонна 2028-2029 сылга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннайй бюджетын өйөөбүтүн иһин махтанабын. Бюджет быйыл олус хааччахтаммыт кэм чэрчитинэн ылылынна. Ити федеральнай бюджет ылыллыытын кытта сибээстээх. Судаарыстыбаннай Думаҕа депутаттарбыт, бастатан туран Галина Данчикова үлэлэрин көмөтүнэн федеральнай бюджеттан дотация кээмэйин харыстыыр эрэ буолбакка, лаппа улаатыннарар кыахтанныбыт диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Суумата аан бастаан 80 миллиард солкуобайтан тахса. Бюджекка үлэ төлөбүрүн, хомунаалынай комплекс субсидиятын толору кээмэйинэн толору уурулунна», — диэн Саха сирин баһылыга Асйен Николаев бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев ыаллары өйөөһүҥҥэ уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайыннарыыга, тыа хаһаайыстыбатын уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүҥҥэ болҕомто ууруллуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

«Биһиги холбоһуктаах үлэбит кэмигэр эбии үп-харчы баар буоллаҕына, биллэн турар, Судаарыстыбаннай Мунньах уурааҕар көрүллүбүт быһаарыылары толорууга барыахтара. Мин докумуону болҕомтолоохтук билсибитим уонна  үгүс пууннарын кытта сөбүлэһэбин. Ордук болҕомто ууруллуохтаах хайысхалар бааллар. Бу ыаллары өйөөһүн уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүн. Ону таһынан 2023-2025 сылларга мунньуллубут хомунаалынай комплекс тэрилтэлэрин иэстэрин боппуруоһун быһаарыахха наада. Ити кырата суох суума, кинилэр тустарынан билэҕит», — диэн Николаев эбэн эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА