25 Сэтинньи 25.11
  • -29°
  • $ 82,17
  • € 89,88

Сардаана Гурьева: "Конституцияны саҥардыы аныгы быраап эйгэтигэр эппиэттиир»

14:41, 25 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сиригэр киһи быраабын боломуочунайа Сардаана Гурьева өрөспүүбүлүкэ Конституциятыгар этиллэр уларытыылар региональнай сокуону федеральнай нуормаларга сөп түбэһиннэриигэ уонна правовой балаһыанньалары чуолкайдааһыҥҥа туһуланаллар диир. Онуоха ханнык баҕарар конституционнай уларытыы сүрүн критерийинэн гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин мэктиэлэрин харыстааһын хаалыахтаах.

Омбудсмен санаатынан, өрөспүүбүлүкэ Конституцията дойду үлэлиир быраабын систиэмэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Биирдиилээн балаһыанньалары саҥардыы наадата РФ субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай принциптэрин туһунан 414-ФЗ № — дээх федеральнай сокуон ылыллыбытын кэннэ үөскээбитэ.

«Региональнай уонна федеральнай нуормалар икки ардыларыгар араастаһыыны кэмигэр туоратыы публичнай былаас бүтүн тиһигэ бигэтик үлэлииригэр уонна гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ улахан суолталаах», — диэн Сардаана Гурьева бэлиэтиир.

Бырайыак сүрүн балаһыанньаларын ортотугар хас да хайысханы араарар.

Чуолаан, 30-с ыстатыйаны уларытыы киһи быраабын уонна көҥүлүн хааччахтааһын төрүтүгэр сыһыаннаах. Этиллэр редакция Россия Конституциятыгар сөп түбэһиннэрэн, маннык хааччахтар федеральнай сокуонунан уонна көрүллүбүт конституционнай сыалга эрэ олохтонуохтарын сөп.

Көннөрүүлэр туспа блоктара өрөспүүбүлүкэ территориальнай тутулугар сыһыаннаах. Россия Федерациятын састаабыгар Саха сирин биир сомоҕо буолуутун, ону таһынан материк уонна арыы чаастарын уратыларын туһунан балаһыанньалар чуолкайданаллар.

Гурьева этэринэн, Арктическай зонаҕа улахан территориялаах регионҥа бу боппуруостар өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскээһин уонна хотугу уонна арыы территорияларын уратыларын учуоттааһын өттүнэн ураты суолталаахтар.

Суут былааһын туһунан балаһыанньаларга уларыйыылар чуолкайданар майгылаахтар уонна конституционнай формулировкалары үлэлиир федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэриини кытта сибээстээхтэр.

Туспа сокуон барыла өрөспүүбүлүкэ Конституциятынан биир киһини регион баһылыгын дуоһунаһыгар икки болдьохтон тахса болдьоххо талыыга хааччахтааһыны таһаарыыны көрөр. Үлэлиир федеральнай сокуон Российскай Федерация субъектарын үрдүкү дуоһунастаах киһитин боломуочуйатын биэс сыллаах болдьоҕун олохтуур, онуоха кини талыллар болдьоҕун хааччахтаабакка.

«Былааһы тэрийии төрүттэрин таарыйар быһаарыылар аһаҕас дьүүллэһии уонна кинилэр быраап өттүттэн содулларын бары өттүнэн сыаналааһын кэнниттэн ылыллыахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бырайыак хас биирдии балаһыанньатын болҕомтолоохтук быраап өттүттэн көрөн ырытыы наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Маннык ньыманы сөптөөх дии саныыбын», — диэн Саха сиригэр киһи быраабын боломуочунайа тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА