Хой
Сарсыардаттан кыраттан кыыһырыма. Үлэҕэ бэлиэ түгэн көстүө, күн иккис аҥарыгар дьыала түргэтиэ. Киэһэ таптыыр киһигин кытта туох эрэ кэрэни бииргэ оҥоруҥ.
Оҕус
Сарсыарда былаан таһынан барыа суоҕа, уопуттаах киһи сүбэтин иһит. Күн ортотугар дьиэҕэ, массыынаҕа ороскуот күүтэр. Киэһэ көрсүһүү сүргэҕин көтөҕүө.
Игирэлэр
Сүрүн боппуруостары хойутаппакка быһаар: сарсыарда үчүгэй сонун кэлиэ. Харчыга болҕомтолоох буол, иирсээнэ суох кэпсэтэргэ бэлэм буол.
Араак
Хас да үлэ тэҥҥэ түбэһиэ, биир сүбэнэн үллэр, оҥоһуллубутун бэрэбиэркэлээ. Таптыыр киһигин кытта көрсүһүү күүһү биэриэ, эдэрдэргэ түргэн иэйии буолуон сөп.
Хахай
Дьыала бытааннык барыа, көмө көрдүүртэн кыбыстыма. Күн иккис аҥарыгар атыылаһар ордук, киэһэ 4 чаастан тапталга табыгастаах кэм.
Кыыс
Сарсыарда кыраттан уйадыйыма, харчыга ыксаама. Күн ортотун кэнниттэн этии кэлиэ, дьиэ кыһалҕатын таптыыр киһигин кытта холкутук быһаарыаххыт.
Ыйааһын
Күн бастакы аҥарыгар көрсүһүүлэр үчүгэй кыаҕы биэриэхтэрэ. Улахан атыыга күн ортотугар диэри тулуй. Күн ортото урут хаалларбыт дьыалаҕын ситэрэргэ сөп.
Скорпион
Уустук соругу толорорго болҕомтолоох буол, чугас дьон сыыһаны булан көрүө. Харчыга күнү быһа сэрэхтээх буол. Күн ортотугар үлэ түргэтиэ, таптыыр киһи үөрдүө.
Охчут
Бастаан сатамматаҕына, кэлэр өттүгэр тирэхтээх буол, бэйэҕин ыксатыма. Харчыга сэрэхтээх: былааннаах атыы көҥүллэнэр, эмискэ атыылаһыыга бэринимэ. Таптыыр киһи өйүө.
Чубуку
Атыттар кыайбатахтарын эн толкуйгунан тобулуоҥ. Күн бастакы аҥарыгар дьаныар, күн ортотугар үлэҕэ ситиһии. Киэһэ сылайыаҥ — күүскүн харыстаа.
Күрүлгэн
Күннээҕи үлэ саҥа сорудахтааҕар чэпчэки. Күн ортотугар былааҥҥа уларыйыы тахсар, ити эрээри ол ситиһиилээх буолуоҕа. Күн иккис аҥарыгар соһуччу билсиһии күүтэр.
Балыктар
Көрсүһүү былаанынан барыа суоҕа, куһаҕан дьон санаан кэлиэхтэрин сөп. Үөрэххэ күн үчүгэй. Харчыга кутталлаах, киэһэни бэйэҕэр үчүгэйдик атаар.
Аһаҕас источниктан тылбаастанна.



