Өссө 2014 сыллаахха, Чурапчы улууһун култуураҕа управлениетын иһинэн фольклорга уонна култуурунай нэһилиэстибэни харыстыырга, үйэтитиигэ аналлаах, икки үлэһиттээх салаа аһыллыбыта.
Ол дьонунан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр Мария, Валерий Герасимовтар буолбуттара. Туох баар өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээллэргэ, күөн-күрэстэргэ, фольклор тэрээһиннэригэр, Олоҥхо ыһыахтарыгар Чурапчы улууһа олус табыллан, айымньылаахтык кыттан, кыайыылары ситиһэн кэлиитигэр кинилэр оруоллара, биллэн турар, сүдү улахан. Бэрт үгүс үлэ пааматынньыктары харыстааһыҥҥа ыытыллыбыта. Герасимовтар, билигин төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыттарын иһин, олохторун бүтүннүү анаабыт, таптыыр идэлэринэн өссө да үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Дьон кинилэргэ махтаныан махтанар.
“2022 сылга, биһиги улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаевы кытта элбэхтик сүбэлэһэн, былааннаан баран, Фольклорга уонна култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа салаабытын улаатыннаран, үһүс штаты көрөн, Олоҥхо киинэ диэн тэрилтэни олохтообуппут. Онон, саҥа хайысхалары туруоран, болҕомтону ордук өссө туохха уурары быһаарсан, билигин улууска Олоҥхо ситимин тэрийии бырайыага оҥоһулла сылдьар. Бу Валерий Петровичтаах эрдэ оҥорбут бырайыактара баар, ону биһиги кэҥэтэммит, кыра да буоллар, үптээх-харчылаах оҥорон, ситэрэн, Кыайыы күнүгэр диэри көмүскээн турардаахпыт. Ол кэмҥэ биһиги, өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллибит Олоҥхо ситимигэр Чурапчы улууһун киллэриҥ, диэн Экспертнэй хамыыһыйаҕа сайаапка түһэрбиттээхпит. Билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ситимигэр киирэн сылдьар 11 улуустан, дьиҥэр, туох даҕаны итэҕэһэ суох үлэлии-хамсыы сылдьарбытын бу эйгэҕэ ситиһиилэрбит, кыайыыларбыт кэрэһилииллэр. Бастыҥнар кэккэлэригэр баарбыт. Онон, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ситимигэр киирии биһиги сыалбытынан-сорукпутунан буолар, — диир СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов.
Бу сыллар тухары Олоҥхо дьиэтэ Чурапчы улууһугар чахчы даҕаны духуобунай уонна култуурунай олох эргийэр киининэн буолла. Улуустааҕы Олоҥхо Ассоциацията (салайааччы М.Ф.Кронникова) дьону түмэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлиир.
Туох барыта ситимнээх-сибээстээх, дириҥ силистээх. Чурапчы улууһа былыр-былыргаттан, айылҕаттан айдарыылаах элбэх олоҥхоһут ыллаан-туойан ааспыт түөлбэтинэн биллэр. Ол курдук, араас источниктартан ырытар-чинчийэр үлэлэр ыытылланнар, манна барыта 239 олоҥхоһут олорон ааспыта чуолкайдаммыт. Онон, Саха сиригэр Чурапчы улууһа элбэх олоҥхоһуттардааҕынан уруккаттан аатырарын, олоҥхолооһун биир саамай сайдыбыт улууһа буоларын ити сыыппаралар кэрэһэлииллэр. Холобур, Хайахсыттан Олоодо, И.Г.Теплоухов-Тимофеев, Сылаҥтан Сулумаата Уола эбэтэр Ырыачай, Хадаартан – Сыҥынык, Болтоҥоттон – Иэгии Хотоок, Чэппиэдэй, Амматтан (Мындаҕаайы) Хойтоһун, уо.д.а. Бөдөҥ олоҥхоһуттарга Соловьев нэһилиэгиттэн Софрон Кузьмин, Чакыртан Ырыа Ылдьаа, Хайахсыттан Хоноһо Уола, Хадаартан Тэкэллэ, Үрүүмкэлээх Өлөөнө – Ырыа Чырыыкай, Мугудайтан Балагыас—Ырыа Ымыычаан, Мундууска Уоһук, Сылаҥтан ини-бии Чорообо уонна Чөлөс, Кытаанахтан Маайа Баһылайа, Болтоҥоттон Куолай Уола Бүөтүр, Хатылыттан Белых Мэхээчэ, о.д.а. киирсэллэр. Инники көлүөнэ суруйааччылар, холобур, Эрилик Эристиин, Михаил Доҕордуурап, эмиэ үчүгэй олоҥхоһуттарынан биллэллэрэ. (В.Ермолаев.“Чурапчы олоҥхоһуттара” кинигэтиттэн).
Чурапчыттан Саха сирин үрдүнэн аатырбыт идэтийбит бөдөҥ фольклористар үүммүттэрэ. Ол курдук, сахалартан бастакы учуонай, сахалыы суругу-бичиги айбыт, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааттаах Семен Андреевич Новгородов Болтоҥо нэһилиэгин уонна Таатта бөдөҥ олоҥхоһуттарын тылларыттан хас да героическай сюжеттары суруйталаабыта. Оттон Одьулуунтан төрүттээх Сэһэн Боло (төрөөбүт аата Дмитрий Иванович Дьячковскай) 20-чэ сыл устата соҕотох бэйэтэ бүтүн научнай кэлэктиип үлэтин оҥорбута. 800-тэн тахса фольклорнай айымньыны, ол иһигэр хотугу оройуоннартан хас даҕаны олоҥхону суруйбута. Болтоҥоттон төрүттээх Андрей Андреевич Саввин–Өндөрүүскэ Саабын элбэх фольклорнай айымньыны хомуйбута. Аҥардас, Бүлүү өрүс умнаһынааҕы оройуоннар олоҥхоһуттарыттан 10-ча олоҥхону сурукка киллэрбитэ. Бу туһунан ааптар Василий Ермолаев “Чурапчы олоҥхоһуттара” (“Бичик”, 1994) кинигэтигэр сиһилии суруйбута. Саха АССР СНК-н иһинэн Тыл уонна култуура үнүстүтүүтүн төрүттээбит Платон Алексеевич Ойуунускай сорук туруоран, Сэһэн Боло уонна А.А. Саввин-Өндөрүүскэ Саабын, ааспыт үйэ 30-с сылларыгар фольклорнай-диэлектологическай экспедицияны тэрийэн, Саха сирин барытын кэриэтэ кэрийбиттэрэ, хотунан-соҕуруунан, илининэн-арҕаанан сылдьан, сыралаһан, дьулуурдаахтык үлэлээбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ архыыбынай пуондатын байытыыга сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Холобур, Өндөрүүскэ Саабын С.Н.Каратаев, С.С.Афанасьев, М.З.Мартынов курдук Бүлүү эҥэр аатырар-сураҕырар олоҥхоһуттарын көрсөн, олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тус бэйэтэ киллэртээбитэ. Сэргэй Зверев-Кыыл Уолун талаана киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар эмиэ кини улахан өҥөлөөх. Сэһэн Боло уонна Өндөрүүскэ Саабын фольклорга үтүмэн үлэлэрин түмүктэриттэн бэйэтин научнай чинчийиитигэр туһамматах саха учуонайа диэн суоҕа буолуо.
Ааспыт көлүөнэ ытык олоҥхоһуттарын үтүө үгэстэрин бүгүн Чурапчы олоҥхоһуттара сиэрдээхтик тутуһаллар, ыччаттарын уһуйаллар, олоҥхону сайыннарыыга утумнаахтык, айымньылаахтык үлэлииллэр.
Ол курдук, олоҥхоһут Николай Никитич Григорьев (Чакыр) Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын Кылаан чыпчаал бирииһин хаһаайынынан буолан, массыына наҕараада туппута.
Анатолий Николаевич Христофоров (Мырыла)” “Уруйдан, Улуу Олоҥхобут!” бэстибээлгэ икки төгүл Кылаан чыпчаал бирииһи ылбыта (2020 с., 2023 с.).
Быйыл 98 ытык сааһыгар олорор Дириҥтэн Николай Петрович Тарасов 2022 сылга Ил Дархан стипендиатынан буолбута.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр биир бастыҥ толорооччубут, Кытаанахтан төрүттээх Сусанна Васильевна Лазарева 2023 сыллаахха “Уруйдан, Улуу Олоҥхо!” бэстибээл I истиэпэннээх лауреатын үрдүк аатын ылбыта оттон былырыын Нерюнгри куоракка буолбут Олоҥхо ыһыаҕар саха-олоҥхоһут дьахталларыттан аан бастакынан Кылаан чыпчаал кыайыылааҕынан буолан бар дьонун улаханнык үөрдүбүтэ. Оттон 97 саастаах оһуохайдьыт, тойуксут, олоҥхоһут, сцена бэтэрээнэ Мария Николаевна Викторова (Хадаар) — оһуохайга Ил Дархан стипендиата. Кини чуолаан Чурапчылыы оһуохайы тарҕатааччы дьоһуннаах аатын ылбыта. Учууталлар, иитээччилэр, уһуйааччылар олоҥхо эйгэтигэр оҕолору кыра эрдэхтэриттэн чугаһаталлар, сыһыараллар, олоҥхону толорууга үөрэтэллэр.
Үчүгэй уһуйааччылаах, кыһамньылаах төрөппүттэрдээх буоланнар, эдэр көлүөнэлэртэн, бииргэ төрөөбүт Анастасия Алексеева, Сайаана Попова курдук ыччат-олоҥхоһуттарбыт ситиһиилэрин, фольклорга аҕас-балыс Павловалар, Хатылыттан Кристина Максимова курдук оскуола үөрэнээччилэрин кыайыыларын-хотууларын, онтон да атын оҕолорбут ситиһиилэрин эбэн кэбиһэбит.
Ити курдук, Чурапчы улууһугар сыллата ыытыллар СӨ Култууратын, ускуустубатын уонна литэрэтиирэтин күннэригэр, үөрэх тэрилтэлэрэ уһуйаантан саҕалаан, олоҥхо иитэр-үөрэтэр өрүттэрин Саха оҕотун иитиигэ сүрүн ньыма быһыытынан туһанарга киэҥ хайысхалаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэни тиһиктээхтик ыыталлара болҕомтоҕо ылылынна. Оҕо кыра сааһыттан олоҥхону толоро, истэ үөрэннэҕинэ оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэрин, оскуола араас таһымнаах олимпиадаларыгар, араас тэрээһиннэргэ кинилэр бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьалларын педагогтар тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.
Уһуйааччылар утумнаах, былааннаах үлэни ыытар буоланнар, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар уһуйааннар, оскуолалар ортолоругар Чурапчы нэһилиэгин “Туллукчаан” (И.Захарова), “Чуораанчык” (М.Лебедева) уһуйааннарын, Хатылы “Ньургуһун” уһуйаанын, Соловьев оскуолатын (Л.Яковлева, научнай үлэҕэ М.Попова), А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт оскуолатын, уһуйаанын, Чакыр Эрэлик Эристиин аатынан оскуолатын (Т.Адамова), Сылаҥ орто оскуолатын (Л.Сивцева), Чурапчытааҕы гимназияны, уо.д.а. ааттаталыыллар.
“Кэлин ыччаттарбыт ылсыһан эрэллэрэ үөрдэр. 2023 сыллаахха Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар ыччаттар икки бөлөҕүнэн ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Бэлэмнэнэ да үчүгэй этэ. “Айылгы” улахан дьон бөлөҕө ити саас “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтэээҕи түһүлгэҕэ “Кылаан бириис” буолан, сүргэлэрэ олус көтөҕүллүбүттээҕэ”, — диир РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Герасимова-Сэҥээрэ. Онон, үгэс тутуһуллар, ситим быстыбат.
2023 сыллаахха муус устар 3-5 күннэригэр Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт СӨ Култууратын, ускуустубатын, литэрэтиирэтин күннэригэр биллиилээх режиссер, РФ норуодунай артыыһа, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов ыалдьыттаабыта. Онно кини, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр, чурапчылар “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур”, бу ураты тыыннаах олоҥхону туруоран, Дьокуускайга билигин тутулла турар Арктика киинигэр көрдөрүөхтэрин туһунан Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Поповтуун кэпсэппиттэрин, сүбэлэспиттэрин, онуоха Олоҥхо тыйаатыра көмөлөһөргө бэлэмин туһунан эппитэ.
“Итиниэхэ былырыын 2024 сылга биир дойдулаахпыт, чулуу олоҥхоһуппут Иннокентий Гурьевич Теплоухов — Тимофеев төрөөбүтэ 155 сыллаах үбүлүөйэ буолбута. Бу бэлиэ даатаны дьоһуннаахтык көрсөр туһугар биһиги, чурапчылар, кини “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур” биир саамай бастыҥ, биэс омук тылынан тылбаастаммыт аатырбыт олоҥхотун туруорбуттаахпыт. Андрей Саввич этии киллэрбитэ, ол туолбута. Бу бырайыагынан биһиги уус-уран самодеятельность таһымын үрдэтэбит.
Манна сүрүн миэстэҕэ Иван Бушков режиссердаах Чурапчытааҕы П.М.Решетников аатынан Норуодунай тыйаатыр артыыстара, Чыаппаратааҕы эр дьон хора, Чурапчытааҕы “Ай” норуодунай устуудьуйа, улууспут талааннаах дьоно кыттыбыттара. Худуоһунньук үлэтин, көстүүм, таҥас-сап, мал-сал барыта санаа хоту табыллыбыта”, — диэн Дмитрий Дмитриевич билиһиннэрдэ.
Олоҥхо өлбөт-сүппэт үйэтин биир түгэнэ, Семен Яковлев-Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” сэһэнигэр дьоруойа Уулаах Уйбаан, чуолаан олоҥхоһут идэлээх буолан, икки төгүллээн ытыллартан быыһанан турарыгар көстөр. Киэһээ аайы бандьыыттар ытыллар дьон испииһэктэрин ааҕаллар, онуоха, олоҥхону салгыы истээри, олоҥхоһуту испииһэктэн сотторон иһэллэр эбит…
Чурапчы улууһугар иккис улахан бырайыагынан – Олоҥхону истии эйгэтин өссө кэҥэтии, күүһүрдүү буолар. “Ырыалаах-олоҥхо” диэн өйдөбүл баарын бары истибиппит, ол аата – уһуннук, өр барар бырассыас Онон, кистэл буолбатах, ордук эдэр көлүөнэҕэ, олоҥхо истэргэ элбэх бириэмэ ирдэниллэр диэччитэ үгүс. Сахаҕа тэттик олоҥхолор эмиэ бааллар, олоҥхо арааһа үгүс, ол курдук, “Хамсалаах табах быстыҥа” таабырын-олоҥхолор, “Тоҥ күөс быстыҥа” толоруллар олоҥхолор… эмиэ бааллар эбит. Уонна дьэ, отучча чулуу олоҥхоттон хомуллан тахсыбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобут буоллаҕа. Үстүү-түөртүү киэһээ истэллэрэ. Чурапчы улууһун биир эмиэ улахан энтузиаст киһитэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Заболоцкая салайбыт Арчытын дьиэтигэр Олоҥхо Дьоро киэһэлэрэ ыытыллаллара, ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ үөрэ-көтө мустара.
Валерий Герасимов, Дмитрий Поповтуун үс төгүллээн олоҥхону дьиэ кэргэнинэн истиини тэрийбиттэрэ. Сөпкө этэллэр, холобур, хайа эрэ ыал, оҕотун төрөөбүт күнүгэр ыалдьыттары ыҥыран, алаадьылаан, саламааттаан, эт буһаран, олоҥхоһуту биһирэмнээн-маанылаан, олоҥхону истиини тэрийиэн сөп буоллаҕа!
“Үөрүөхпүт иһин, дьон олоҥхону истэ кэлиитэ элбээн иһэр,” — диэн Валерий Петрович бэргэн этиитэ билиҥҥи олохпут сүрүн көстүүтэ буолла.
Ол курдук, бастаан 30-ча киһи эбит буоллаҕына, иккис, үһүс түмсүүлэргэ 60-70-ҥа тиийэ киһи кэлэн, олоҥхону истэр. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, сэҥээрэн, кэлэллэр. Кинилэр ортолоругар эдэр ыччаттар, оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ бааллар. Ол аата, биһиги олоҥхону сэҥээрэр эйгэбит тыыннаах, олоҥхо хааммытыгар эбит, үйэтитээччилэр эмиэ биһиги эбиппит диэн түмүк оҥостуохтаахпыт.
Хомуйан бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй




























