2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээли ыытыынан уонна бырааһынньыктааҕы автохолуонна сырыытын тэрийиинэн Дьокуускайга тырааныспар сырыыта быстах кэмҥэ хааччахтаныаҕа.
Хааччахтааһын күнүс 16:15 чаастан 17:30 чааска диэри куорат уулуссаларын сорох учаастактарыгар сыһыарыллыбыт схемаҕа сөп түбэһиннэрэн үлэлиэҕэ.
Суоппардар маршруттарын былаанныырга быстах хааччахтааһыннары учуоттуурга уонна эргийэр суоллары эрдэттэн талалларыгар көрдөһөбүт.
Санатабыт: куорат уопсастыбаннай тырааныспарын үлэтин, сылаас автобус тохтобулларын көрүүтүн-истиитин уонна уулусса-суол ситимин туһунан ыйытыыларгытын 300-900 нүөмэрдээх колл-кииҥҥэ эрийэн биэриэххитин сөп.



