26 Сэтинньи 26.11
  • -32°
  • $ 82,31
  • € 90,24

Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара байыаннайдарга ас баһыылкаларын хомуйдулар

16:03, 26 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Айал Тимофеев бааһырбыт уонна госпиталларга эмтэнэ сылдьар байыаннайдары өйүүр сыалтан көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччүлэргэ ас наборун туттарда. Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара байыастарга эт аһылыгы, кэнсиэрбэлэри, фаршы, сылгы этин, көтөр этин, уомулу уонна отон утаҕын хомуйдулар, биэдэмистибэ МАХ ханаала суруйда.

«СӨ Баһылыгын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын секретариатын сүрүн референа Светлана Диодорова-Лаврентьевалыын — көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччү, анал байыаннай дьайыыга өлбүт кыттааччы ийэтэ — биһиги бааһырбыт уонна госпиталларга эмтэнэ сылдьар байыаннайдарбытын өйүүр сыалтан хас да сыл бииргэ үлэлиибит.

Саха сириттэн төрөөбүт дойдуттан кэлбит минньигэс ас, көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччүлэр кыһамньылаах илиилэринэн астанан, уолаттарбыт түргэнник үтүөрэллэригэр уонна атаҕар туралларыгар көмөлөһүө диэн эрэнэбин. „Мясной двор“ ЗАО, „Эрэл“ ТХПК, „Горнай Ас“ ТХПК, „Тирэх“ ТХПК, „Дьөһөгөй“ БХ, „Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката“ АУо уонна СӨ балык хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин Ассоциацияларын көмөтүнэн көмүскээччилэрбитигэр 150-тэн тахса киилэ бэйэ аһын бородууктатын хомуйдубут. Уолаттарбытын салгыы да өйүөхпүт», — диэн кэпсээтэ Айал Иванович.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА