26 Сэтинньи 26.11
  • -31°
  • $ 82,31
  • € 90,24

Саха сирин соҕуруутугар энергетикэ эбийиэгин бастакы тутулун үлэҕэ киллэрдилэр

13:43, 26 ноября
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр Соҕуруу Саха сиринээҕи тепловой электростанция бастакы гаас-турбиннай установката үлэҕэ киирдэ. Бырайыагы олоххо киллэрии Соҕуруу Саха сирин уотунан хааччыйыы эрэллээх буолуутун үрдэтэр, бырамыысыланнас тэрилтэлэрин наадыйыыларын хааччыйар уонна саҥа инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ усулуобуйаны тэрийэр кыаҕы биэриэҕэ, суруйда Саха сирэ саайт.

Үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх тэрээһинигэр Арассыыйа Федерациятын энергетикаҕа миниистирэ Сергей Цивилев, «Газпром» ПАУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллер, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна «Газпром энергохолдинг» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Денис Федоров кыттыыны ыллылар.

«Уһук Илиҥҥэ билигин 4,3 ГВт саҥа кыамта тутулла турар — бу улахан үлэ, уонна онно «Газпром» сүҥкэн кылаатын киллэрэр. Саҥа энергетика суотугар Уһук Илин биир кэлим энергосистиэмэтэ, Азия-Чуумпу акыйаан эрэгийиэнигэр таһаҕаспыт барыахтаах тимир суолун электрификациялааһын хааччыллыаҕа. Бу биһиги экэниэмикэбитигэр көхтөөхтүк үлэлиир кыаҕы биэриэҕэ. Уһук Илин хайысхата бүгүн сүрүн приоритеттартан биирдэстэрэ буоларын бэлиэтиэм. Саха сиригэр олорор уонна үлэлиир дьон хайдах курдук үлэлииллэрин билэбин. «Газпром» ПАУо-ҕа, Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар махтанабын — бииргэ эрэ маннык улахан бырайыактары олоххо киллэриэххэ сөп. Дойду туһугар үлэҕит иһин дириҥ сүгүрүйүү уонна махтал тылларын тиэрдэбин», — диэн Сергей Цивилев эттэ.

Бастакы установка кыамтата — 110 МВт. Толору кыамтатыгар таҕыстаҕына, станция уопсай электрическэй кыамтата 313 МВт буолуоҕа. Паар-гаас энергоблогун түһүмэҕинэн үлэҕэ киллэрии көрүллэр, кини үс энергетическэй установкаттан — хас биирдиилэрэ 110 МВт кыамталаах икки гаас-турбиннай уонна 93 МВт кыамталаах биир паар-турбиннай установкаттан  турар.

«Арассыыйаҕа Илин уоту туттуу күүскэ үүнэр. Ол аата, манна генерация саҥа эбийиэктэрэ наадалар. Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС бастатан туран тимир суол Илиҥҥи полигонун эбийиэктэрин уотунан эрэллээхтик хааччыйыаҕа. Бу Арассыыйа уонна Азия икки ардыларыгар логистика көрүдүөрүн кэҥэтиигэ судаарыстыба улахан суолталаах соругун быһаарыыга «Газпром» киллэрэр кылаата буолар. Уонна биллэн турар, саҥа аныгы электростанция үлэҕэ киириитэ Саха сирэ салгыы тэтимнээхтик социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдарыгар эбии тирэҕи биэрэр», — диэн Алексей Миллер бэлиэтээтэ.

ТЭС Арассыыйа Илиҥҥи холбоһуктаах энергосистиэмэтигэр уоту тиэрдиини хааччыйар. Бастакы уочаратынан, «РЖД» ААУо сайыннарар, Арассыыйаҕа стратегическай суолталаах тимир суол Илиҥҥи полигонун инфраструктуратын электрификациялыырга туһуланар.

Саха сиригэр Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС бастакы энергетическэй установкатын үлэҕэ киллэрии өрөспүүбүлүкэ соҕурууҥҥу оройуоннара салгыы бырамыысыланнай уонна социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдалларыгар наадалаах энергетическэй инфраструктураны тэрийии суолталаах түһүмэҕинэн буолар.

«Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илини сайыннарыыны бүтүн XXI үйэ устата национальнай хайысхатынан быһаарбыта. Энергетика экэниэмикэ үүнүүтүн инникилээн иһиэхтээх, кини хас да сыл инники сайдыытын хааччыйыахтаах диэн бигэтик эрэнэбин. Билигин Саха сиригэр биир кэмҥэ уопсайа 2 ГВт кэриҥэ кыамталаах энергетическэй эбийиэктэр тутуллаллар. Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС — бу үлэ суолталаах сорҕото. Маннык бырайыактар биһиги оройуоннарбытыгар уонна олохтоохторугар саҥа кыахтары арыйаллара миэхэ ураты суолталаах. Саха сирин соҕуруу өттүн уотунан эрэллээхтик хааччыйыы оҥорон таһаарыыны сайыннарарга уонна саҥа үлэ миэстэлэрэ үөскүүллэригэр усулуобуйаны тэрийэр», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Саҥа электростанция үлэтигэр экология өттүнэн ыраас уматыгы — айылҕа гааһын туһанар. Станцияҕа гааһы эрэллээхтик тиэрдии «Сибиир күүһэ» гаас ситимиттэн хааччыллар.

Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС Саха сирин Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр тутуллар. Бырайыагы Газпром бөлөх олоххо киллэрэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА