26 Сэтинньи 26.11
  • -31°
  • $ 82,31
  • € 90,24

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аан бастаан хомунаалынай комплекска субсидия толору кээмэйинэн көрүлүннэ

12:03, 26 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 2027 сыллааҕы көрүүгэ аан бастаан хомунаалынай комплекска субсидиялары толору кээмэйинэн көрөр кыалынна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев иһитиннэрдэ. Бу сыалга 55 млрд солкуобай ыытыллыаҕа.

«Биһиги аан бастаан хомунаалынай комплекска ирдэнэр субсидия кээмэйин толору көрдүбүт. Ааспыт сылларга, хомойуох иһин, итэҕэс баара, бу үбү-харчыны толору көрбөт этибит, ол түмүгэр ыарахаттар үөскүүллэрэ. 2027 сылга субсидиялары 55 миллиард солкуобай кээмэйинэн көрдүбүт», — диэн Еремеев быһаарда.

Маны сэргэ бүддьүөт бырайыагар сорох кыһалҕалаах ыстатыйалар баалларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, сорох федеральнай бырайыактары үбүлээһин туһунан этиллэр: «тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга арыый кыра көрүллүбүт», ону таһынан социальнай хааччыйыы сорох категорияларыгар итэҕэс баар.

Ол үрдүнэн 2027 сыллааҕы бүддьүөтү уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэми кини сөпкө аттарыллыбыт диэн сыаналаата. Ылыллыбыт докумуон көрдөрүүлэринэн, 2027 сылга дохуот 372,440 млрд солкуобайга тэҥнэһиэҕэ; ороскуот — 375,156 млрд солкуобай; итэҕэс — 2,716 млрд солкуобай. Төлөбүрэ суох киириилэр кээмэйдэрэ 132,356 млрд солкуобайынан көрүллүбүт.

«Биһиги — Арассыыйа Федерациятыгар соҕотох субъект буолабыт, дотациялары сэттэ миллиард солкуобай кэриҥэ эбэн биэрдилэр. Бүддьүөт судургута суох кэмҥэ, уустук усулуобуйаҕа ылылынна. Саамай сүрүнэ — биһиги хамнас пуондатын толору көрдүбүт, өссө биллэрдик улаатыннаран туран. Оттон ити нэһилиэнньэ дохуота үрдүөхтээҕин туһунан этэр. Судургутук эттэххэ, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрэ 2026 сыллааҕар 38 миллиард солкуобайынан элбэҕи ылыахтара», — диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА