26 Сэтинньи 26.11
  • -34°
  • $ 82,31
  • € 90,24

Саха сирин Ааҕар-суоттуур палатата хонтуруоллуур үлэтин күүһүрдүөҕэ

11:07, 26 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ааҕар-суоттуур палатата бүддьүөт сүрүн ороскуоттаах чаастарынан үлэтин салгыаҕа, улуустарга үлэтин күүһүрдүөҕэ уонна сайдыы стратегиятын ылыныаҕа. Бу туһунан ЯСИА-ҕа биэдэмистибэ бэрэссэдээтэлэ Алёна Фёдорова иһитиннэрдэ.

«Биһиги Ааҕар-суоттуур палата кэлэр биэс сыллаах сайдыытын стратегиятын ылыныахпыт. Сүрүн болҕомто салааларынан кэлим дьаһалларга ууруллуоҕа, биллэн турар, саҕаламмыты хонтуруолга тутуохпут», — диэтэ кини.

Ону таһынан Ааҕар-суоттуур палата өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар көхтөөхтүк үлэлиир былааннаах — бэрэбиэркэ түмүгүнэн салайар быһаарыылары түргэнник ылар туһугар.

«Ону тэҥэ бүддьүөппүт сүрүн ороскуоттаах чаастарынан үлэбитин салгыахпыт: субсидиялар, социальнай чаас хонтуруолга туруохтара», — диэтэ Фёдорова.

Санатар буоллахха, сэтинньи 25 күнүгэр Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) пленарнай мунньаҕар Алёна Фёдорова кандидатуратын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ааҕар-суоттуур палататын бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар иккис болдьоххо сөбүлэспиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА