2026 сыл сэтинньи 24 күнүгэр 16:00 чааска Сковородино – Рейново тимир суол учаастагар устуоруйаҕа киирэр түгэн буолла — бүтүн Уһук Илин логистикатын кэскилин быһаарар суол түгэнэ. Тимир суол бастакы звеноларын ууруу ыытылынна.
Бу түгэн 68 км усталаах Сковородино – Рейново салааны өрөмүөннээһин эрэ түһүмэҕэ буолбатах — «Мохэ (КНР) – Найба – Магадан» норуоттар икки ардыларынааҕы тырааныспар көрүдүөрүн киэҥ хабааннаах бырайыагын олоххо киллэрии быраактыкаҕа көстүүтэ буолар.
«Дьэлиндэ (Арассыыйа) – Мохэ (КНР)» норуоттар икки ардыларынааҕы тырааныспар туоруура кини сүрүн звенотунан буолар, Саха сирин уонна Уһук Илин таһаҕаһы ыытааччыларыгар тас ырыынактарга быһа тахсыыны арыйар. Үлэни Забайкальскай тимир суолун өрөмүөнүнэн дьарыктанар Дирекция толорор, кини «Саха сирин тимир суоллара» акционернай хампаанньаны (АО «АК «ЖДЯ») кытары бэдэрээккэ дуогабарынан үлэлиир.
Бастакы түһүмэх иитинэн (2024–2028 сылларга) Сковородино – Рейново салааны уонна «Рейново» ыстаансыйаны «АК «ЖДЯ» АУо күүһүнэн өрөмүөннээһин көрүллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ, «АК «ЖДЯ» АУо генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин иһитиннэрбитинэн, үлэлэр учаастак бастакы 20 километрыгар ыытыллаллар.
Үлэни тутааччылар кыраапыкка уонна куттал суох буолуутун ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, кытаанахтык толороллор.
«Суол бастакы миэтэрэлэрин ууруу — бу норуоттар икки ардыларынааҕы тырааныспар көрүдүөрүн бырайыага быраактыкаҕа көһөрүн дьиҥнээх бигэргэтиитэ. Бүгүн биһиги көрүдүөр олоҕун уурабыт, ол көрүдүөр региону сырьетун уонна бырамыысыланнай кииннэрин Хотугу муора суолун уонна Магадан пордун кытары ситимниэҕэ, Азия-Тиихэй акыйаан дойдуларыгар сылы эргиччи логистиканы хааччыйыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ «АК «ЖДЯ» АУо генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин.
Эрдэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Тырааныспар нэдиэлэтин чэрчитинэн бу бырайыагы билиһиннэрбитэ, онно Уһук Илин логистикатыгар бырайыак суолтатын бэлиэтээбитэ.



