26 Сэтинньи 26.11
  • -35°
  • $ 82,31
  • € 90,24

Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ учуонайдары уонна инженердэри тардар бырагырааманы бигэргэттэ

18:03, 26 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Дойду Бэрэсидьиэнэ 2026 сыл балаҕан ыйын 2–3 күннэригэр Владивостокка үлэлии сылдьан ылбыт түмүктэринэн сорудахтар испииһэктэрин бигэргэттэ. Бу туһунан sakha.gov.ru иһитиннэрэр.

Владимир Путин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 2036 сылга диэри кэмҥэ инновационнай научнай-технологическай кииннэр бырайыактарын олоххо киллэрэр сыалтан научнай уонна инженернэй каадырдары тардар бырагырааманы бигэргэттэ. Кини бу бырагыраама олоххо киирэрин хааччыйарга, ону федеральнай бүддьүөт үбүн уонна маннык бырайыактарга кыттар тэрилтэлэр үптэрин суотугар үбүлээһини көрөргө, тардыллар исписэлиистэр хамнастарын быстах кэмҥэ кыттыһан үбүлээһини уонна кинилэргэ дьиэни куортамнааһыны хааччыйарга сорудахтаата.

Сорудах туолуутун туһунан бастакы дакылааты бырабыыталыстыба 2027 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри киллэриэхтээх, онтон салгыы — сыл аайы.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА