«Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Урбаанньыт дьахтар» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх түмүгүн таһаардылар. 35 кыттааччыттан түөрт бастыҥы таллылар, диэн иһитиннэрэр ЯСИА.
Күрэххэ Дьокуускайтан, Мииринэй, Нерюнгри, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Амма, Чурапчы, Томпо, Булуҥ, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай уонна Хаҥалас улуустарыттан урбаанньыт дьахталлар кытыннылар.
Бастыҥ аат иһин араас эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ күрэстэстилэр: бэтэринээрийэ, кондитерскай оҥорон таһаарыы, уйулҕа, туур айан, национальнай таҥаһы тигии уонна реклама өҥөлөрө. Куоластааһын MAX мессенджеригэр барда.
Саха сирин урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев кыттааччылары күрэх түмүктэммитинэн эҕэрдэлээтэ. Кини салгыы бэйэ икки ардыгар алтыһыыны тохтоппотторугар, үлэ хаамыытыгар бииргэ кытталларыгар баҕа санаатын эттэ.
Түмүккэ, үһүс миэстэҕэ Горнай улууһуттан Зоя Дмитриева тигистэ. Тэрийээччилэр быһаарыыларынан, куолас ахсаана биир тэҥ буолан, икки иккис миэстэни анаатылар. Ол миэстэлэри Чурапчы улууһуттан Ульяна Заровняева уонна Горнай оройуонуттан Любовь Богданова ыллылар.
Оттон «Урбаанньыт дьахтар» күрэх кыайыылааҕынан Томпо улууһуттан Дария Неустроева буолла. Киниэхэ 2200‑тэн тахса киһи куолаһын биэрдэ. Киниэхэ диплому, өйдөбүнньүк статуэтканы уонна сүрүн бирииһи — «Уран Саха» фирма оҥорбут «Илин кэбиһэр» күндү киэргэлин туттардылар.



