27 Сэтинньи 27.11
  • -31°
  • $ 82,13
  • € 89,81

Айсен Николаев: Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтэ социальнай хайысхатын күүскэ тутар

12:03, 27 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Бырабыыталыстыба уонна парламент бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр, бүгүҥҥү уустук да кэмҥэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн үп докумуонун ылынар кыахтанна. Ол докумуон социальнай хайысхатын күүскэ тутан хаалла. 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаммыт кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүгэр бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһа, хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэрэ, хомунаалынай комплекс тэрилтэлэригэр субсидиялар толору көрүлүннүлэр. Бу туһунан «Якутия, вперёд» биэриигэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев кэпсээтэ, диэн иһитиннэрэр ЯСИА.

«Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: бүтэһик түөрт сылга аан бастаан биһиги бүддьүөт эйгэтин бүттүүнүн хамнаһын, хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэрин, хомунаалынай комплекс тэрилтэлэригэр субсидиялары толору көрдүбүт. Ол аата, урукку сылларга өрүү күөрэйэр кыһалҕалар боппуруостара бүддьүөккэ киирдилэр. Бу олус суолталаах. Ити дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетика үлэлэрин бигэтэргэ, бүддьүөт эйгэтин туруктаах оҥорорго кыаҕы биэриэ дии саныыбын», — диэтэ Саха сирин баһылыга.

Эрдэ ахтыллыбыт ыстатыйалары таһынан, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ үп көрүлүннэ; тыа хаһаайыстыбатыгар үп урукку таһымынан көрүлүннэ. Эмп хааччыйыыта балачча өйөбүлү ылла; авиабилиэттэри субсидиялааһыҥҥа уонна социальнай бэлиитикэ сүрүн хайысхаларыгар үп көрүлүннэ.

«Маны таһынан бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын: быйылгы сылга Судаарыстыбаннай мунньах сессиятыгар бүддьүөтү көннөрүү көрүлүннэ, уонна 2024 сыл сааһыттан аан бастаан бүддьүөт эбиллии өттүгэр көннөрүлүннэ — 16 млрд солкуобай кэриҥэ. Ити өрөспүүбүлүкэ эбии нолуоктан киирэр дохуоттара, кинилэр быйылгы сылга хомунаалынай хаһаайыстыба сүрүн боппуруостарын сабарга, ону тэҥэ бүгүн анал байыаннай дьайыыга сэриилэһэ сылдьар байыастарбытыгар көмөҕө туһуланыахтара», — диэтэ Айсен Николаев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА