27 Сэтинньи 27.11
  • -31°
  • $ 82,13
  • € 89,81

Поезд пассажирдарын Өлүөнэ өрүһүнэн микроавтобустарынан таһыахтара

11:07, 27 ноября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Сэтинньи 27 күнүттэн, Өлүөнэ өрүһүнэн «Хатас — Павловскай» хайысханан муус суола аһыллыбытынан, поезд пассажирдарын таһыы микроавтобустарынан оҥоһуллуоҕа.

Айаҥҥа турунуу — 204‑с микрооройуоҥҥа баар «Намыв» күүтэр пуунуттан (Ларионова уул., 16в).

Поезд пассажирдарыгар «Дьокуускай к. — Аллараа Бэстээх тимир суол ыстаансыйата» хайысханан трансфер сыаната 1200 солкуобай.

Өскөтүн эһиги өрүһү салгын сыттыктаах суудунанан (СВП) туоруур трансфер толуонун атыыласпыт буоллаххытына, трансфер сыанатыгар араастаһыыны төннөрөр бырааптааххыт. Онуоха олохтоммут бэрээдэгинэн үҥсүүнү толоруохха наада.

Трансфер уонна харчыны төннөрүү боппуруостарынан: +7(924)176‑21‑62, +7(800)550‑06‑20 эрийиҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА