Ил Түмэн XXI уочараттаах пленарнай мунньаҕар олорор дьиэ субсидиятын туһунан федеральнай сокуоннары олоххо киллэриигэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар сорох судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрэр туһунан 424‑7 №-дээх сокуон бүтэһиктээх ааҕыыга ылылынна, суруйда Саха сирэ саайт.
Сокуон сүрүн сыала — 33‑ФЗ №-дээх Федеральнай сокуонунан эрэгийиэн нуормалыыр-быраап баазатын саҥардыы уонна сөп түбэһиннэрии. Сүрүн уларыйыынан олорор дьиэнэн хааччыйыыга гражданнар уочараттарын булгуччулаахтык хос бэрэбиэркэлээн учуоттааһын буолар. Бу судаарыстыбаннай дьиэ сэртипикээттэрин систиэмэтин Биир кэлим реестригэр баар дааннайдар чуолкай уонна кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр буолалларын хааччыйар.
Министиэристибэ дааннайынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан субсидия ыларга уопсай испииһэккэ 6 037 ыал турар. Сокуон ону таһынан муниципалитеттар бырааптарын кэҥэтэр — чуолаан, өрөспүүбүлүкэ боломуочуйалаах уорганын ирдэбиллэрин суутунан утарар быраабы биэрэр.



