Федеральнай бырабыыталыстыба быһаарыытынан, аһылык уонна аһылыкка киирсибэт табаар 30 көрүҥэ хоту дойдуга таһаҕаһы тиэрдии испииһэгэр киирдэ — баларга тиэрдии ураты регламеннара үлэлиэхтэрэ. Ол туһунан «Якутия, вперёд!» биэрии быһа эпииригэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Саха сирин баһылыга бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн, хоту дойдуга таһаҕаһы тиэрдиини тупсарыы боппуруостара федеральнай бырабыыталыстыба өттүттэн тиһиктээх өйөбүлү көрсөр балачча дьоһун таһымҥа таҕыстылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйа субъектарын дойду бырабыыталыстыбатын уонна Федеральнай мунньаҕы кытта күннэтэ үлэлэрин чэрчитинэн бу эйгэҕэ сокуону тупсарыы бара турар. Ол курдук, федеральнай бырабыыталыстыба быһаарыытынан, аһылык уонна аһылыкка киирсибэт табаар 30 көрүҥэ хоту дойдуга таһаҕаһы тиэрдиигэ таһаҕас испииһэгэр киирдэ. Өскөтүн аадырыстаах сиринэн хоту дойдуга таһаҕаһы тиэрдии систиэмэтэ үлэлиир түөлбэтэ буоллаҕына, бу таһаҕастарга тимир суолунан тиэрдиигэ уонна аһардыыга ураты регламеннар үлэлиэхтэрэ.
«Биһиэхэ ити олус суолталаах. Сайыҥҥы кэмҥэ, тимир суол күүскэ ноҕуруускаланар кэмигэр, Арктикаҕа барар аһылык табаардара хойутаабаттарын туһугар боппуруоһу хаста да туруорсубуппут. Ньиэп бородуукталарын хоту дойдуга тиэрдии чэрчитинэн өрүү инники күөҥҥэ тутуллар эбит буоллаҕына, атын таһаҕастарга боппуруостары «илиинэн эрэсииминэн» быһаарарга күһэллэрбит. Билигин итини быдан судургутук оҥоруохха сөп буолла», — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, хоту дойдуга таһаҕаһы тиэрдии систиэмэтэ тупсарыллыахтаах. «Арассыыйа тырааныспарын министиэристибэтин салалтата уонна Росморречфлот бу боппуруоска биһигини кытта толору сөбүлэһэллэриттэн үөрэбин», — диэн түмүктээтэ спикер.



