Бэс ыйын 7 күнүгэр 1848 сыллаахха постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ Поль Гоген, 1855 сыллаахха селекционер Иван Мичурин, 1946 сыллаахха археолог Анатолий Алексеев, 1952 сыллаахха Туурсуйа суруйааччыта Орхан Памук төрөөбүт күннэрэ. Араас сылларга күн сирин көрбүттэр, олох сайдыытыгар араас эйгэҕэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэр историяҕа ахтылла турар. Киһи анала оннук.
Бэлиэ күннэр
ХНТ: Ас-үөл куттала суох буолуутун күнэ. ХНТ быһаарыытынан 2018 сылтан бэлиэтэнэр
- Арассыыйа — Краудфандинг күнэ[1]
- Дания — Йоахим принц күнэ
- Испания — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Кыргыстаан — Үп-харчы уонна экэниэмикэ үлэһиттэрин күнэ
- Мальта — Сордоон-муҥнаан өлөрүллүбүт дьон күнэ
- Норвегия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Швецияттан 1905 сыллаахха)
- Перу — Дуоҕа күнэ
- Гавайи — Камелих таҥара күнэ[2]
Түбэлтэлэр
- 1099 — Бастакы кириэстээх бохуот кэмигэр Иерусалимы төгүрүктээбиттэр.
- 1494 — Испания уонна Португалия Тордесильяс дуогабарын түһэрсэн аан дойдуну барытын икки аҥы үллэстибиттэр. Испания арҕааҥы полушариены ылбыт, онтон Португалия — илиҥҥини.
- 1726 — Шпанберг диэн Витус Беринг киһитэ отут хараабылы хомуйан 200 киһилээх Дьокуускайтан ыраах айаҥҥа туруммут. Кини хоту барыахтаах таһаҕаһы Охуоскайга илдьибит. Беринг бэйэтэ уонна Чириков онооҥҥо-манааҥҥа дылы Дьокуускайга хаалбыттар.
- 1775 — Холбоһуктаах Холуонньалар (United Colonies) ааттара Холбоһуктаах Штааттар (United States) диэҥҥэ уларыйбыт.
- 1816 — 2-с раангалаах капитан Михаил Миницкэй Саха уобалаһын салайааччыта буолбут. 1821 сыл алтынньы 21 күнүгэр диэри бу дуоһунаска олорбута.
- 1837 — Кавказка Адлеры ылыы кэмигэр Бестужев-Марлинскай өлбүт. Бу киһи Дьокуускайга көскө кэлэн түөрт сыл олорбута, онтон ыраахтааҕыттан көрдөһөн Кавказ сэриитигэр көннөрү саллаатынан барбыта. Эдэр сылдьан Пушкинныын суруйсара, кини айар үлэтэ (омуннаах романтикалаах сэһэннэр) оччотооҕу литэрэтиирэҕэ да, кэлин тахсыбыт айымньыларга да дьайбыта.
- 1903 — Берлиҥҥэ француз учуонайа Пьер Кюри саҥа химия элэмиэнин — полонийы — арыйбытын туһунан кэпсээбит.
- 1923 — Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүтэ. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.
- 1924 — 130 киһилээх тоҥустар этэрээттэрэ биир суукканы быһа кыргыһан баран Айаан пордун ылбыт. Этэрээт салайааччылара — Илья Канин, Павел Карамзин уонна Михаил Артемьев.
- 1938 — Австрия нацистыы бырабыыталыстыбата кэргэннии буолааччылар арийдартан төрүттээхтэрин дакаастыахтаахтарын туһунан биллэрбит.
- 1947 — Дьугдьуурлаг тэриллибит. Салалтата Дьокуускайга эбит. Бастаан САССР ИТЛ салалтатыгар бас бэринэр, онтон ГУЛаг тиһилигэр киирбит.
- 1950 — Георгий Башарин дуоктар диссэртээссийэтин көмүскээбитэ. Бу үлэтигэр тыа сахаларын XVIII үйэ 60-с сылларыттан XIX үйэ ортотугар диэри олохторун-дьаһахтарын ырытан, сүөһү иитээччилэргэ сир суолтатын арыйбыта. Географиялыы пессимизм уонна географиялыы оптимизм диэн тиэрминнэри туһаммыта, оптимизм баар буолан Саха тыйыс айылҕатыгар бурдук ыһыыта саҕаламмытын ыйбыта. Ол эрээри, бэлиитикэ дьайыытынан бу көмүскээһини аахсыбатахтара, онон 1956 сыллаахха диссэртээссийэтин хос көмүскээбитэ.
- 1989 — ССРС норуотун дьокутааттарын I Сийиэһигэр регионнар икки ардыларынааҕы дьокутааттар бөлөхтөрө үөскээбит — Сэбиэскэй Сойууска бастакы түмэн (парламент) оппозицията.
- 1991 — Украинскай ССР Үрдүкү сэбиэтэ Украинаҕа баар сойуус тэрилтэлэрэ бары өрөспүүбүлүкэҕэ бас бэриниэхтээхтэрин туһунан быһаарыы ылбыт.
Төрөөбүттэр
- 1848 — Поль Гоген (1903 өлб.) төрөөбүт, французскай живописец, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
- 1855 — Иван Мичурин (1935 өлб.) төрөөбүт, биолог учуонай уонна селекционер.
- 1946 — Бүлүү куоратыгар Анатолий Алексеев — археолог, СГУ ректора, Гуманитарнай чинчийэр институт дириэктэрэ, устуоруйа билимин дуоктара. Бастакы диссэртээссийэтин Алын Өлүөхүмэ таас үйэтигэр көмүскээбитэ.
- 1952 — Орхан Памук, Туурсуйа суруйааччыта, Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин лауреата (2006).
Өлбүттэр
- 1954 — Алан Матисон Тьюринг (1912 төр.), Англия математига, бастакы ЭВМ-нары оҥорооччу.
- 1985 — Агния Романова (15.07.1912 төр.) — Токко, Учур, Майда уонна Томмот эбэҥкилэрин түөлбэ тылларын чичнийбит, Саха сирин эбэҥкилэрин фольклорун хомуйбут учуонай, педагогика билимин хандьыдаата.