“Ыраас Арктика” федеральнай бырайыакка 2022 сылга Арктика 3 оройуона: Булуҥ, Дьааҥы уонна Усуйаана киириэҕэ.
Бырайыак чэрчитинэн Арктика сиригэр-уотугар хаарбах тимири уонна бырамыысыланнас үлэтин кэнниттэн хаалар тобохтору ыраастааһын салҕанар.
«Саха сиригэр корпоративнай волонтерство сайдар. Ол эбэтэр, сири-уоту бөхтөн-сыыстан уонна хаарбах тимиртэн ыраастааһыҥҥа Арктика зонатыгар үлэлиир тэрилтэлэр кыттыһаллар. Биһиги сирбит олус киэҥин учуоттаан, кинилэр кыттыылара тугунан да сыаналаммат көмөнөн буолуоҕа”, — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээн турар.
«Арктиквтормет» ХЭО хампаанньа Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгин ыраастааһыны саҕалаата. Усуйаана улууһун Уус-Куйга бөһүөлэгэр хаарбах тимири «Восточно-Сибирская Снабженческая Компания» ХЭО хампаанньа хомуйар.
Ону таһынан, “Янолово” АУо уонна “Янзолото” ХЭО корпоративнай волонтерство быһыытынан, Усуйаана оройуонун Силээннээх сэлиэнньэтигэр ыраастыыр үлэни ыыталлар.
“Ыраас Арктика” федеральнай бырайыак 2021 сыллаахха Тиксии бөһүөлэгэр саҕаламмыта. Онно 300-чэ туонна хаарбах тимир уонна 250 туонна мас сыыһа, пластик хомуллан тоҕуллубута.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,
edersaas.ru