22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арассыыйа алта куоратыгар бааһырбыт сахаларга көмөлөһөр штабтар баар буоллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Волонтеры- Саха» общественнай түмсүү штабтара Санкт- Петербург, Новосибирскай, Ростов-на-Дону, Симферополь, Калининград уонна Хабаровскай куораттарга баар буоллулар. Активистар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр балыыһаҕа сытар сахаларга көмөлөһөллөр уонна ыарахан быһыыга- майгыга хаалбыт ийэлэргэ көмөлөһөллөр, диэн СИА-ҕа Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата  иһитиннэрэр.

«Волонтеры-Саха»- хамсааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорор 100- чэкэ киһи киирэр. Аан бастаан общественнай түмсүү Саха сириттэн сылдьар бааһырбыт саллааттарга балыыһаҕа баран көмөлөһөр туһугар Москваҕа аһыллыбыта.

Волонтердар балыыһаҕа сытар биир дойдулаахтарыгар бэлэм аһы аҕалаллар, психологическай көмөнү оҥороллор. Активистар бу дьыл алтынньы 14 күнүгэр регион баһылыга Айсен Николаев ыйааҕынан тэриллибит биир координационнай киини кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА