21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Александр Жирков Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар махталын эттэ

Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үгүс элбэх көргө-нарга үөрэммэтэх саха омуга түҥ былыргыттан үгэс оҥостубута, харыстаан хаалбыта, бүөбэйдээн илдьэ кэлбитэ, үөрүүлээх, өрөгөйдөөх соҕотох улахан уонна бастыҥ сиэрэ-туома – Ыһыах. Биһиги өбүгэлэрбит, сүөһү-сылгы дьарыктаах көс дьон, олохторун илгэтэ аар айылҕа төһөнү бэрсибититтэн, өҥтөн эбэтэр кураантан тутулуктаах этэ. Ол иһин өбүгэлэрбит дьыл саҕаланыыта айыы таҥараларыттан, үрдүк айыыларыттан илгэлээх сайыны, өлгөм үүнүүнү, үрүҥ илгэни, өҥ дьылы ааттаһар-көрдөһөр сиэри тобулбуттара, ол сиэри-туому үрүҥ илгэ ыһыаҕа диэн ааттаабыттара. Ол сиэр-туом биһиги олоҥхобутугар, үһүйээннэрбитигэр хоһуллан умнуллубакка, сүһүөхтэн сүһүөххэ бэриллэн, күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ тиийэн кэллэ. Олоҥхо ыһыаҕа – ол түҥ былыргы сиэри-туому тутуһар, харыстыыр, тарҕатар аналлаах.

Ыһыаҕы, ити үгэһи биһиги өбүгэлэрбит бу сиргэ кэлэн салгыы тэниппиттэрэ, олохсуппуттара.

Ытык Амма маанылаах сиригэр-уотугар саха тыллаах, туой иһиттээх, туос маллаах, тимир тэриллээх биһиги өбүгэлэрбит олохсуйбут бэлиэлэрэ тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүттэн көстөр. Ол эбэтэр, сахалыы тыл-өс, сахалыы үгэс, олоҥхо тойуга, хомус ырыата ытык Амма сиригэр ол сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэриттэн баар буолбута, олохсуйбута буолуохтаах. Оннук былыргылаах, оннук тардыылыктаах, оннук дириҥ үгэстэрдээх, ытык Амма хаарыан сирэ-дойдута. Улуу олоҥхоһуттар, тойуксуттар дойдулара, хоодуот үлэһиттэр, хорсун сэрииһиттэр, кус быһыйдар, ат бөҕөлөр дойдулара. Аатырбыт олоҥхоһуттар: Эмис Түмэппийэ-Чээбий, Устин Гаврильевич Нохсоров дойдулара, Афанасий Рязанскай, академик Киренскэй дойдулара, Тимофей Лукин, Анна Васильева, Петр Ионович Яковлев дойдулара, Күннүк Уурастыырап, Федот Потапов, Константин Туйаарыскай, Матвей уонна Федор Лобановтар дойдулара, Екатерина Захарова, Екатерина Иванова, Клавдия Онуфриева, Ольга Иванова-Сидоркевич, Нина Николаевна Чигирева дойдулара, Христофор Максимов, Валерий Ноев, Василий Харысхал дойдулара. Саха сирин историятын бэлиэ түгэннэрэ буолан ааспыт сирдэрэ.

Өҥ буордаах, ыраас айылҕалаах ытык мааны Амма сирин дьоно, өбүгэлэргит үгэһин умнумаҥ, инникигэ тирэх оҥостуҥ, күүстээх, дьулуурдаах, дьоллоох соргулаах буолуҥ! Ытык Амма алгыстаах сиригэр-уотугар, үтүөкэн дьонугар-сэргэтигэр уруй буоллун!  Олоҥхо ыһыаҕын тэрийбиккитигэр, кыһаллыбыккытыгар эһиэхэ барыгытыгар махтал буоллун, диэн эттэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА