26 Муус устар 26.04
  • -2°
  • $ 92,13
  • 98,71

Ахсынньы – билгэ хаан ыйа

10:33, 01 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа, сыл кыһыҥҥы бүтэһик ыйа. Сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар. Ахсынньы – бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар.

Норуот билгэтэ:

Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар.

Ахсынньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

Ахсынньы 9 күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.

Ахсынньы 12 күнэ — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.

Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын саамай кылаан кэмэ. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.

Ахсынньы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.

Ахсынньы 26 күнэ — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.

Ахсынньы 29 күнэ — бу күн кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА