Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр биэс ойуур баһаарын умуруордулр, онтон үһэ — Уус-Майа оройуонугар. Саҥа уматыктары булбатылар. Ону экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Күн саҕаланыыта барыта 92 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ тоҕус ойуур баһаара умайа турар, ааспыт сыл баччаларга биир мөлүйүөнтэн тахса гектар иэннээх сиргэ 43 ойуур баһаара үлэлии турбута. Сезон саҕаланыаҕыттан бэлиэтэммит баһаар ахсаана былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ тыһыынчанан аҕыйаабыт.
Билиҥҥитэ 73 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ икки ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. 367 киһи уонна 10 тиэхиникэ туһанылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи КЧС быһаарыытынан суола-ииһэ суох сытар 19 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ умайа турар сэттэ ойуур баһаарын умулларыытын тохтоттулар.