Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр аҕыс буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ — доруобуйаҕа буортуну оҥоруу, уоруу уонна масыанньыктааһын. Ол туһунан борокуратуура эттэ.
Үс уоруу Дьокуускайга буолла. Бытовой техниканы, тутуу инструменнарын уонна төлөпүөн уордулар. Маны сэргэ киин куоракка 1960 сыллааҕы төрүөх эр киһиэхэ доруобуйатыгар буортуну оҥордулар, уорбаланааччы билиннэ.
Масыанньыктааһын туһунан иһитиннэрии Дьокуускайга, Алдаҥҥа уонна Өймөкөөҥҥө таҕыста. Чуолаан Дьокуускай олохтооҕо 2,4 мөл солк инвестиционнай бырайыакка уктум диэн санаалаах куһаҕан санаалаах дьоҥҥо биэрдэ.