Судаарыстыбаннай Дума депутаттара үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуону бүтэһиктээх ааҕыыга ылыннылар. Ол туһунан Арассыыйа парламенын аллараа палаататын сайтыгар биллэрдилэр.
2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ үс тыһыынча солкуобайынан улаатан 19 242 солк. буолуоҕа, ол эбэтэр үрдээһин 18,5% тэҥнэһэр.
Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтээбитинэн, үлэ төлөбүрүн кээмэйин үрдэтэргэ дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин сорудахтаата.
«Бу сорудаҕы олоххо киллэрии түмүгэр, дойду үрдүнэн 4,8 мөл. киһи хамнаһа үрдүөҕэ», — диэтэ Володин.