Кыстык оту Уус-Алдаҥҥа аҕаллылар. Бастакынан сайыҥҥы кураантан ордук эмсэҕэлээбит, Бээди, Сыырдаах, Чараҥ, Майаҕас дэриэбинэлэригэр тиксэрдилэр.
“Быйыл курааннаан от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Санаа батталыктаах олордохпутуна, соһуччу от аҕалан ону сүөкэнэ сылдьабыт. Улууспут уонна Сахабыт сирин дьаһалтатыгар барыларыгар улахан махтал”, — диэн Чараҥ олохтооҕо Василий Свинобоев үөрүүтүн үллэстэр.
Бу күннэргэ, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын начальнига Степан Бочкарев үлэһиттэрин кытары, Забайкальскай кыраайга командировкаҕа сырытта. Манна сылдьан, үлэлиир бөлөх табаар хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтэ, оту атыылаһарга дуогабар түһэристэ, тустаах докумуону бэлэмнээтэ. Атыылаһыллыахтаах оту тиэйиэхтэрин иннинэ ыйаан көрдүлэр, биир рулон 250-350 киилэ буолар. Тиэллибит от улууска болдьохтоох кэмигэр кэлиэҕэ.
Уус-Алдан улууһун пресс-сулууспата