Александра Владимировна Копцева – чааһынай юрист. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр, суруйар edersaas.ru
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн кирэдьиити эрдэ төлөөн бүтэрдэххэ, страховканы төнүннэрэр туһунан саҥа сокуон олоххо киирдэ. Ол эбэтэр, кирэдьиити болдьоҕуттан эрдэ төлөөн бүтэрбит буоллаххытына, урут төлөөбүт страховкаҕыт сууматын төнүннэриэххитин сөп.
Манна страховкаламмыт дьон испииһэгиттэн таһаарар туһунан сайабылыанньа суруйаргыт ирдэнэр (“О потребительском кредите” сокуон 11-с ыст., 10-с п.). Страховой хампаанньаҕа (бааҥҥа буолбатах) кирэдьиити төлөөн бүппүккүт 7 күн ааһа илигинэ сайабылыанньа суруйуоххутун наада.
Кэлэктиибинэн страховка буоллаҕына – 10 күн иһигэр. Бу болдьоҕу куоттарымаҥ!
Харчы сайабылыанньаны суруйбуккут кэнниттэн 7 үлэ күнүн иһинэн түһүөхтээх (27.12.2019 ылыллыбыт 483 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран).
Саҥа сокуон 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн оҥоһуллубут страховка дуогабардарыгар сыһыаннаах. Оттон бу күн иннинэ оҥоһуллубут дуогабар буоллаҕына? Оччоҕо РФ Үрдүкү Суутун быһаарыытынан урукку быраабылалар үлэлииллэр:
— страховой суума уларыйа сылдьар уонна кирэдьиит тобоҕор сыһыарыллыбыт буоллаҕына, страховканы төнүннэриэххэ сөп;
— страховой суума уларыйбат, бигэтик олохтоммут буоллаҕына, харчы төннүбэт.
Страховой хампаанньалар баҕа өттүлэринэн харчыны төнүннэриэхтэрин баҕарбаттар, ол иһин суукка биэриэххэ наада. Мин практикабар суукка кыайбыт түбэлтэлэр бааллар. Кирэдьиит ыларга үгүстүк олоҕу уонна доруобуйаны страховкалыырга күһэйэллэр. Дьиҥинэн, маннык страховка баҕа өттүнэн буолуохтаах эрээри, бааннар араастаан албаһыраллар. Ол эрээри, ылбыт да буоллаххытына, 14 күн иһинэн аккаастаныаххытын сөп.
Төлөммүт страховка харчыта толору төннүөхтээх. Онон ити 14 күнү куоттарымаҥ, ааста да, кыайан төннүбэт. Ол эрээри кирэдьиит дуогабарыгар суруллубут буоллаҕына, баан бырыһыанын үрдэтиэн сөп (Потребительскэй кирэдьиит туһунан сокуон 11-с ыст., 14-с п.). Оттон суруллубатах буоллаҕына, бырыһыан үрдүө суохтаах. Онон дуогабары болҕомтолоохтук ааҕар буолуҥ.
Сороҕор үрдээбит бырыһыаннаах кирэдьиит усулуобуйата страховкалаах кирэдьииттээҕэр ордук буолуон сөп. Ону кирэдьиит калькуляторыгар анаан ааҕыахха наада. Ону тэҥэ, страховка дуогабарын эмиэ үчүгэйдик ааҕыахха наада, баҕар, усулуобуйата ордук буолуон сөп.
Харчыны төнүннэрэргэ маннык гынабыт:
1. Страховой хампаанньаҕа страховканы төнүннэрэр туһунан сайабылыанньа суруйабыт. Хайдах билэргитинэн, баан счетун ыйан туран суруйуохха сөп.
2. Сайабылыанньаны сыаналаах сурук көрүҥүнэн буостанан, курьер сулууспатынан ыытыаххытын, эбэтэр офиска бэйэҕит илдьэн биэриэххитин сөп.
3. 7 үлэ күнүн иһинэн страховой хампаанньа харчыны счеккутугар ыытыахтаах.
Төлөбүрү ыларга “Потребительскэй кирэдьиит туһунан” сокуон 11-с ыст., 11-с пуунугар, РФ Киин баанын 3854-У ыйааҕар сигэниэххитин сөп.