27 Муус устар 27.04
  • -9°
  • $ 92,01
  • 98,72

Саха сирин олохтоохторун кирэдьиитин кээмэйэ сыл иһигэр үс гыммыттан биир төгүл улаатта

17:03, 22 февраля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2021 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо бааннартан 178 млрд солк. суумалаах кирэдьиит ылбыттара, бу былырыыҥҥыттан сыллартан үс гыммытан биир төгүл элбэх. Потребительскай кирэдьиити 116 млрд солк. ылбыттар, ол эбэтэр нэһилиэнньэҕэ бэриллибит үп 65 %- на потребительскай кирэдьиит онтон ордуга ипотекаҕа тиксэр.

Олохтоох нэһилиэннтэ потребительскай кирэдьииткэ иэһэ бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 16% улаатан 117 млрд солк. тиийбит. Ол быыһыгар сыл устата болдьоҕор иэһи биэрбэт дьон ахсаана 7,1%- тан 6,5 %- ҥа диэри кыччаабыт.

«Саха сиригэр потребительскай кирэдьиит көрдөрүүтэ улааппыта пандемияны кытары ыкса сибээстээх. Ааспыт сылга нэһилиэнньэҕэ намыһах бырыһыаннаах кирэдьиити биэрэннэр элбх киһи туһанна. Быйыл, кирэдьиит ылар ставка үрдээн  тэтимэ бытаарарын кэтэһэбит», — диэн  Арассыыйа Уһук Илин уокуругар Саха сиринээҕи национальнай баан отделын салайааччыта Антон Конопев бэлиэтээтэ.

2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин олохтоохторун иэһэ барыта холбоон 263 млрд солк. тиийдэ, ол эбэтэр 20 %- нан былырыыҥҥыттан элбэх. Онуоха болдьохтоох кэмҥэ иэстэрин биэрбэт дьон ахсаана 3,8%- тан 3,2%-ҥа диэри кыччаабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА