29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Кирэдьииттэрин кыайан төлөөбөт дьоҥҥо саҥа механизм киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ, сэтинньи 16 күнүгэр, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытары мунньах ыытта. Мунньахха экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ Максим Решетников иһитиннэрбитинэн, чааһынай киһи бэйэтин моҥкуруут биллэриитигэр саҥа быраабылалар киирбиттэр, диэн Саха сирэ суруйар.

РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ Максим Решетников иһитиннэрбитинэн, киһи кирэдьиитин кыайан төлүүр кыаҕа суох буоллаҕына, бэйэтин моҥкуруут биллэрэн, иэстэриттэн босхолонуон сөп. Бу систиэмэ 2015 сыллаахтан киирбитэ. Өскөтүн киһи 500 тыһыынча солкуобайтан элбэх иэстээх буоллаҕына, суут нөҥүө бу иэстэриттэн төлөрүйүөн сөп.

— Биллэн турар, манна суут быһаарыыта улахан оруолу ылар. Кирэдьииттээх киһи сыаналаах мала-сала, дьиэтэ-уота, массыыната барыта ааҕыллар. Өскөтүн киһи турар бэйэтэ эрэ буоллаҕына уонна кирэдьиитин кыайан төлөөбөтө суутунан быһаарылыннаҕына, бу киһи иэһэ сотуллар. Бу маннык систиэмэнэн сэттэ сыл устата барыта 670 тыһыынчаттан тахса киһи туһанна, — диэн бэлиэтиир Максим Геннадьевич.

Итини таһынан 2020 сылтан суута суох моҥкуруут биллэриини киллэрбиттэрэ. Бу механизмынан 12 тыһыынча киһи туһаммыт.

— Бу иккис көрүҥ дьоҥҥо-сэргэҕэ быдан табыгастаах. Манна киһи бэйэтэ, суута таймата, кирэдьиит биэрбит баана суох, сайабылыанньа суруйан иэстэриттэн төлөрүйүөн сөп. Ол эрээри бу механизм туспа быраабылалардаах. Бу көрүҥүнэн 50 тыһыынчаттан 500 тыһыынча солкуобайга диэри иэстээх дьон туһаныахтарын сөп. Билигин саҥа быраабыланан, бу көрдөрүү 25 тыһыынчаттан биир мөлүйүөн солкуобайга диэри уларыйда. Бу иэстэрэ суут бириистэбинэн бигэргэтиллибит дьон туһаныахтарын сөп. Ол эбэтэр суут бириистэбэ бу киһи дьиэтэ-уота, дохуота суох диэн көрдөрдөҕүнэ биирдэ эрэ бу механизмынан туһаныан сөп, — диэн бэлиэтиир миниистир Максим Решетников.

Быһааран эттэххэ, бу иккис көрүҥүнэн суут быһаарыытынан иэстээх киһи дьыалата суут бириистэптэригэр тиийдэҕинэ, бу биэдэмистибэ киһи дохуота, дьиэтэ-уота суох диэн быһаардаҕына туһаныан сөп. Сайабылыанньаны киһи ханнык баҕарар “Мин докумуоннарым” диэн элбэх функциялаах кииҥҥэ биэриэн сөп. Баан бу дьыаланы суукка ыыппатаҕына, сайабылыанньа биэрбит кэннэ алта ыйынан бу киһи иэһэ сотуллар.

Ону сэргэ быйыл олунньуттан саҥа быраабыла киирэн, суут уурааҕынан баан туһатыгар киһи хамнаһыттан, дохуотуттан быһа тутуллар төлөбүр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн элбэх буолуо суохтаах.

— Өскөтүн киһи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра чорбойордоох буоллаҕына, суут бириистэптэрэ барытын тутан ылаллар. Бу маннык кыра-кыралаан киһи үйэтин-сааһын тухары иэһин төлүү олоруон сөп. Бу ордук биэнсийэнэн, социальнай төлөбүрүнэн эрэ олорор дьоҥҥо кутталлаах. Онон манна саҥа быраабыла киллэрдибит. Суут уурааҕынан күүс өттүнэн күһэйиллэн киһи иэһигэр дохуотуттан быһа бааҥҥа төлүү олорор буоллаҕына, биир сылынан кини суута суох иэһиттэн босхолонууга сайабылыанньа биэриэн сөп. Бу саҥа быраабыла сэттэ сыл устата суут уурааҕынан иэстэрин төлүү сылдьар дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Кинилэр эмиэ суута суох бэйэлэрин моҥкуруут биллэриэхтэрин сөп, — диэн этэр Максим Геннадьевич.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу киирбит саҥа быраабылалары өйөөтө, манна биэнсийэлээхтэргэ, оҕолоох ыалларга ордук болҕомто ууруохха наадатын бэлиэтээтэ.

Ааптар: Аграфена Кузьмина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА