27 Атырдьах ыйа 27.08
  • 20°
  • $ 84,28
  • 98,29

Саха сирэ 30000 солкуобайтан үрдүк биэнсийэлээх эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирдэ

15:14, 27 августа
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

2026 сыл от ыйыгар Саха сиригэр орто биэнсийэ кээмэйэ 33 706 солкуобайга тэҥнэспит, Арассыыйа социальнай пуондатын дааннайдарыгар сигэнэн РИА Новости иһитиннэрэр. Өрөспүүбүлүкэ дойдуга орто биэнсийэтэ 30 000 солкуобайы аһарар 12 эрэгийиэнтэн биирдэстэрэ буолла.

Төлөбүрдэргэ лиидэрдэринэн Чукотка (42 213 солк.), Ненецкай автономнай уокурук (38 810 солк.), Магадан уобалаһа (37 607 солк.) уонна Камчатка кыраайа (37 575 солк.) буоллулар. Бэһис миэстэҕэ Ханты-Мансийскай (37 098 солк.) уонна Ямало-Ненецкэй (36 445 солк.) автономнай уокуруктар киирдилэр.

2026 сыл от ыйыгар Арассыыйаҕа үлэлиир уонна үлэлээбэт дьон орто биэнсийэтэ 25 401 солкуобайга тэҥнэспит, ол 2025 сыл бу кэминээҕэр 1945 солкуобайынан элбэх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова