15 Балаҕан ыйа 15.09
  • $ 84,34
  • 97,76

Саха сиригэр 46 000 туоннаттан тахса хортуоппуй уонна оҕуруот аһа хомулунна

18:03, 15 сентября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Балаҕан ыйын саҥатыттан улуустарга хомуур хампаанньа бара турар. Регион тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин оперативнай дааннайдарынан, бүгүҥҥү күҥҥэ 3025,6 гектар бурдук үүнээйитэ хомуллубут — бу хомуур иэниттэн 28%. Валовой хомуур 2399 туонна, гектартан орто үүнүү 7,9 центнер.

Быйыл аграрийдар 14 000 туонна бурдугу хомуйар былааннаахтар. Орто үүнүү — гектартан 11,3 центнер. Бэҕэһээ «Саха» ГТРК “Быһа кэпсэтии” биэрии кэмигэр Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, былырыыҥҥы рекорду хатылааһын, арааһа, табыллыбат: кэккэ бурдук оройуоннарыгар сайын ардахтаах этэ. “Ол да буоллар түмүк син биир үчүгэй күүтүллэр”, — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Хортуоппуй 3827,4 гектар сиртэн 41 143,9 туонна хомуллубут — бу былаан 54%. Быйыл хаһаайыстыбалар бары категорияларыгар барыта 76 000 туонна хортуоппуйу хомуйар былааннаммыт. Ыһыы иэнэ 5821,8 гектар, бүгүҥҥү күҥҥэ орто үүнүү гектартан 107,5 центнер.

Оҕуруот аһа 5572,7 туонна (былаан 19%) хомуллубут, ол иһигэр 3439,9 туонна — сабыылаах сиргэ олорбут оҕуруот аһа. 434,6 гектар хомуллубут — былаан 32%. Оҕуруот аһын хомуйар уопсай былаан 29 100 туонна, аһаҕас сиргэ үүннэриллибит оҕуруот аһын ыһар иэнэ 1180,3 гектар. Орто үүнүү -гектартан 128,2 центнер.

Хомуур хампаанньа салҕанар. Бүтэһиктээх түмүктэр балаҕан ыйын бүтүүтүгэр оҥоһуллуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА